Киир

Киир

Быйылгы сылтан Арктика олохтоохторо тыраанспар нолуогуттан босхолонуохтарын сөп. Тоҕо диэтэххэ, Ил Дархан Айсен Николаев киллэрбит льготата 2018 сыллаах нолуог кэмиттэн үлэлиэҕэ. Бу туһанан, СӨ экономика миниистирэ Майя Данилова иһитиннэрдэ.

Санатар буоллахха, кулун тутар ыйга Ил Дархан Айсен Николаев Арктика олохтоохторун сир, тыраанспар уонна хамсаабат баай нолуогуттан босхолуур туһунан сокуон бырайыагын бэлэмнииргэ сорудахтаабыта.

Миниистир Майя Данилова сокуон бырайыага бэлэм буолбутун уонна бэс ыйыгар Ил Түмэн көрүөхтээҕин туһунан эттэ. Бу 13 оройуону хабыаҕа. Оттон сир уонна хамсаабат баай нолуогуттан босхолооһун, муниципалитеттар боломуочуйалара диэн бэлиэтээтэ. Абый улууһугар бу боппуруос номнуо болҕомтоҕо ылыллыбыт.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар