Киир

Киир

РФ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ сир аһын ырыынагын бэрээдэктииргэ уонна онно сыһыаннаах судаарыстыбаннай бэлиитикэни оҥорорго боломуочуйаны ыларга бэлэмнээҕин биллэрбит. Бу туһунан РИА Новости иһитиннэрэр.

Ол курдук, биэдэмэстибэ үүнээйи аһын, отону, эриэхэни, тэллэйи, сиэмэни, хатыҥ уутун, эмтээх үүнэйини хомуйууну, оҥорон таһаарыыны уонна эргиниини бэрээдэктииргэ санананар.

Туһааннаах докумуон быһаарыы суругар ити ыйыллыбыт сир аһа дойдуга уонна тас дойдуга олус наадыйыылаах, былдьаһыкка сылдьар эбит. Инньэ гынан бэрээдэктиир уолдьаспыт. ТХМ этэринэн, сир аһын оҥорон таһаарыы уонна эргинии социальнай суолталаах хайысха, экэнэмиичэскэй өттүнэн эргитии сыллата улаатар. Маны таһынан, министиэристибэ сир аһын бэйэ наадатыгар хомуйуу уонна эргинии өттүгэр ханнык да правовой быһаарыы суоҕун ыйар.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар