Киир

Киир

Саха сирин харчылаһар кыахтаах олохтоохторо кирэдьиит ылыытыгар дойду биэс инники күөҥҥэ сылдьар эрэгийиэннэрин ахсааныгар киирбит. Бу туһунан РИА Новости иһитиннэрэр.

“Саамай элбэх кирэдьиит хабалатыгар киирбит дьонноох эрэгийиэннэргэ Ямал-ненец автономнай уокуруга турар. Онно биир киһиэхэ 478 тыһ. солк. кирэдьиит харчыта тиксэр. Иккис, үһүс уонна төрдүс миэстэлэргэ – 445, 389 уонна 359 тыһ. иэстээх эрэгийиэннэргэ — Ханты-Мансийскай, Саха сирэ уонна Ненец автономнай уокуруга киирбиттэр. Бэһис миэстэҕэ – Тюмень уобалаһа, онно биир киһиэхэ 337 тыһ. солк. тиксэр”, - диэн чинчийии матырыйаалыгар суруллар.

Эспиэрдэр маны таһынан уон саамай улахан кирэдьииккэ иэстээх эрэгийиэннэри ааттаабыттар: Москуба, Магадан уобаластара, Тува, Санкт Петербург уонна Коми киирсибиттэр. Бу эрэгийиэннэргэ кирэдьииккэ тиксэр иэс – 333 тыһ. – 296 тыһ. солк.халбаҥныыр. Москуба уон бэһис миэстэҕэ турар – 273 тыһ. солк.

 

Санааҕын суруй