Киир

Киир

Уһук Илиҥҥэ 2 %-наах ипотека кирэдьиитин 10 баан биэрэр буолла. Онон чэпчэтиилээх кирэдьиити ылыан баҕалаахтар Сбербааҥҥа, ВТБ, “ДОМ.РФ”, АТБ бааннарга, Алмазэргиэнбааҥҥа, Совкомбааҥҥа, Уһук Илиҥҥи бааҥҥа, Газпромбааҥҥа, Промсвязьбааҥҥа эбэтэр “ФК Открытие” бааҥҥа сайаапкаларын биэриэхтэрин сөп.

Уһук Илиҥҥэ уонна Арктикаҕа киһи хапытаалын сайыннарар ааҕыныстыба олунньу 20 күнүнээҕи көрдөрүүтүнэн, бааннар 3625 дуогабары түһэрсибиттэр. Бу уопсай суумата 12,6 млрд солк тэҥнэһэр.

Ордук элбэх дуогабары Приморскай кыраайга (979 дуогабар, 3,5 млрд солк), Саха сиригэр (870 дуогабар, 3,3 млрд солк), Бурятияҕа (521 дуогабар, 1,2 млрд солк) түһэрсибиттэр. Онтон Хабаровскай кыраай (470 дуогабар, 1,6 млрд солк), Амурскай (271 дуогабар, 0,8 млрд солк) уонна Сахалинскай уобаластар (242 дуогабар, 1,2 млрд солк) кэлэллэр.

yakutia24.ru/

Санааҕын суруй