Дойду бырабыыталыстыбата эрэгийиэннэргэ Аҕа Дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэрин дьиэннэн хааччыйыыга анаан 352 мөл. солк. ыытта, Саха сирэ онтон 11 мөл. солк. ылыаҕа.
Эрэгийиэннэргэ бу үбү тыырыы туһунан дьаһал муус устар 3 күнүгэр тахсыбыт. Саха сирин тутууга министиэристибэтигэр эппиттэринэн, ити тиксибит 11,6 мөл. солк. 4 дьиэҕэ наадыйар киһиэхэ бэриллиэн сөп. Ити федеральнай үп 36 кв. м. дьиэни атыылаһарга көрүллэр.