Киир

Киир

Исписэлиистэр этэллэринэн, 2020 сылга Арассыыйа ньиэбэ уонна гааһа ис да, тас да ырыынакка барбат буолан хаалбыт.

Ол курдук, 2020 сыл бастакы аҥаарыгар дойдубут бырамыысыланнаһын бородууксуйатыгар наадыйыы наһаа күүскэ түспүт. Былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ – 6,3 %. Аҥаардас от ыйыгар – 13,4 %. Ол түмүгэр ньиэби хостооһун -- 4,7 % (от ыйыгар – 16,4 %), гааһы хостооһун 9,7 % (от ыйыгар – 12,3 %) түспүттэр.

Биллэн турар, аҥаардас сир баайын эрэ хостооһуҥҥа тирэҕирэр Арассыыйа экэниэмикэтигэр ол туох да үчүгэйинэн дьайбата өйдөнөр.

Санааҕын суруй