Киир

Киир

Быйыл Саха сиригэр 797 олорор дьиэҕэ күөх төлөнү киллэриэхтэрэ. Онуоха 30,8 км усталаах гаас утаҕын тардыахтара.

Бырамыысалыннас уонна геология министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, гаас ситимин өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэлээх пууннарын гаастааһын эрэгийиэннээҕи бырагыраама иитинэн тардыахтара. Бу бырагыраама чэрчитинэн Чурапчы Толоонун гаастааһын саҕаланыаҕа.  “Нэһилиэнньэлээх пууннары гаастааһын уонна гаас хаһаайыстыбатын бигэ туругун хааччыйыы” хос бырагыраамаҕа быйыл судаарыстыбаннай бүддьүөттэн уонна атын үптэн 1 млрд 111 мөл. солк. көрүллүбүт. Бу бырайыагы быйыл тохсунньуттан саҕалаабыттар. Биэс сыл устатыгар 14 нэһилиэккэ гаас кэлиэхтээх, уопсайа 425,8 км гаас утаҕа тардыллыахтаах уонна 3377 дьиэҕэ күөх төлөн киириэхтээх.

 

Санааҕын суруй