Киир

Киир

МРОТ (хамнас алын кээмэйэ) туһунан федеральнай сокуону олоххо киллэриигэ анаан, Саха сиригэр быйыл эбии 4 млрд 52 мөл. солк. ирдэнэр.

 Санатар буоллахха, МРОТ үрдээн, оройуон кээписиэнин эҥин ааҕан, бүддьүөт эйгэтин үлэһиттэрин хамнастара үрдээбитэ.

Үлэ уонна социальнай харалта миниистирэ Александр Михеев бэлиэтииринэн, бу хайыскаҕа үп дефицитэ суох. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр бу сыалга 2 мөл. 668 тыһ. солк. көрүллүбүт. Киинтэн дотация быһыытынан 563,8 мөл. солк. көрүллүбүт. Маны таһынан, муус устар 27 күнүгэр эбии 846,5 мөл. солк. көрбүттэр.

Санааҕын суруй