Киир

Киир

Саха сирин дэлэгээссийэтэ Калининград уобалаһыгар урбаан, туризм эйгэтигэр бииргэ үлэлэһиини торумнууллар.

Саха сиригэр урбаан эйгэтигэр буһа-хата сылдьар дьон, ыырдарын кэҥэтэн Калининград урбаанньыттарын кытары көрсөллөр. Кинилэр биир интэриэстээхтэрин кытары көрсөн дьыалабыай кэпсэтиилэри ыыталлар, бииргэ үлэлэһии соруктарын дьүүллэһэллэр.

pred21

predpr

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Атыы-Эргиэн палаатата уонна Калининградтааҕы Атыы-Эргиэн палаатата уопут атастаһаллар, баар кыһалҕалары уопсай сүбэннэн хайдах туоратары уо.д.а. тыын суолталаах боппуруостар тула санаа атастаһаллар. Саха сирин Эргиэн палаататыттан вице-бэрэсидьиэн Тлютай Берикбаев уонна  ТПП быыстапка-дьаарбаҥка үлэтигэр салайааччы Зоя Реева , СӨ ТПП Калининград уобалаһыгар бэрэстэбиитэлэ Владимир Окоемов кэпсээтилэр.

pred4

pred3

Саха сирин урбаанньыттарын “Киэргэ” хампаанньа дириэктэрэ Александр Павлов иилээн-саҕалаан илдьэ сылдьар.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар