Киир

Киир

Билигин олохпут судургутуйан, туох да хоҥорууга хонноруллубат буолан турар кэмэ. Ол курдук, билигин киһи айыллара-үөскүүрэ, үксүгэр, «оонньообута оҕо буолбут» диэн таһымынан эрэ буолан турар курдук. Оттон, дьиҥинэн, былыргы өбүгэлэрбит итэҕэллэригэр киһи киһи буолан тахсыыта, айыллыыта-оҥоһуллуута уһун-киэҥ, ыраахтан силистээх-мутуктаах дьыала эбит. Ону саха итэҕэлин-сиэрин эҥкилэ суох билээччи уонна сурукка тиһэн үйэтитээччи Өскөкүлээх Өлөксөй айымньыларыттан ойута-быһыта тыытан ылан судургутутан билиһиннэрэбит. Туох да диэбит иһин, бу уустук боппуруоһу Өксөкүлээхтэн ордук билэр киһи кэмчи буолуохтаах.

Киһи хайдах айыллара

Киһи хайдах быһыылаахтык айыллан тахсара бэрт сиһилии «Төрүү илигиттэн түҥнэри төлкөлөппүт» диэн чулуу айымньыга суруллубут. Ону судургутутан, аныгылыы кэпсээн көрүҥүнэн тиэрдэбит:

Эр киһини кытта дьахтар хоонньоһон утуйа сыттахтарына, халлаан бастакы хаттыгаһын илин өттө арылларын кытта сырдык сарыал аргыстаах Ахтар Айыыһыт аҕастара уонна Эдьэн Иэйэхсит эдьиийдэрэ иккиэ буолан төгүрүйэ көтөн түһэллэр. Онтон дьоллоох-соргулаах уол оҕо кутун иккилээх харчы саҕа иһэгэйгэ (мөчөкөлөммүт сылгы-ынах түүтүн сүүмэҕэ) иҥэрэн илдьэ кэлбиттэрин салгын куту кытта самсыы тутан, буор куту кытта холбуу бохсуруйан, сүппэтин диэн сүрү кытта сөрүү тутан баран эр киһилээх дьахтар эттэрин сааһынан иҥэрэллэр, төлкөлүү-төлкөлүү төбөлөрүн оройунан үрэн киллэрэллэр, уруйдуу-уруйдуу уҥуохтарын куодаһынынан угаллар. Онтон бу хоонньоһон утуйа сытааччыларга дьалыҥ айыыны дьалбыйан, ходьоҥ айыыны холбуу туойан, имэҥ айыыны иҥэрэн эҕэрдэлээн биэрэллэр. Ол кэнниттэн утуйа сыппыт дьон имэҥҥэ-дьалыҥҥа саба куустаран уһукта биэрээт «дьороҕойдук куустуһа түһэллэр, хапсаҕайдык хатыйса түһэллэр, ымсыылаахтык ыксары ылсаллар», ол кэнниттэн сотору үлүгэрдик «оҕо үөскүүр оонньуутун олохтообутунан бараллар»... Быһата, дьон көрүлээн таптастаҕын аайы оҕо оҥоһуллубат эбит. Саҥа киһи айыллыыта курдук кэскиллээх уонна суолталаах дьыалаҕа Айыыһыт кыттыыта булгуччу ирдэнэр.

Быһата, ити курдук оҕо оҥоһулунна.

Өксөкүлээх «Научные труды» диэн үлэтин сорох суруйууларыттан сирдэттэххэ, киһи айыллыытын ол Айыыһыттаах Иэйэхсит бэйэлэрэ иккиэн эрэ быһаарбаттар курдук. Орто Дойдуга хас биирдии киһи төрүүрүн Үрүҥ Аар тойон баһылыктаах Үрдүкү Айыылар бары уопсай сүбэнэн, Өксөкүлээх суруйарыныы «коллегиально» быһаараллар. Быһата Иэйэхситтээх Айыыһыт (үксүгэр, Айыыһыт соҕотоҕун) эрдэттэн быһаарыллан бүппүт боппуруоһу тиһэҕэр тиэрдэ түһэллэр эрэ курдук. Ол да гыннар, саха номохторугар айыы ойууннара оҕо кутун көрдөһөн чопчу Айыыһыкка туһаайан «Айыыһыты тардыы» сиэрин-туомун оҥороллорун туһунан элбэхтик этиллэр. Онтон сылыктаатахха, Айыыһыт (Ахтар Айыыһыт, Налыгыр Айыыһыт, Нэлбэй Айыыһыт уо.д.а. диэн ааттардаах) саамай улахан Үрүҥ Аар Тойоҥҥо тиийэ көрдөһөн дуу, сүбэлээн дуу тылын ылыннарар буолуон сөп. Сороҕор, Айыыһыт оҕо кутун биэрэртэн батынан кэбистэҕинэ, оҕото суох хаалбыт дьон ойуун көмөтүнэн атын Айыыларынан «быһа кэпсэтиннэрэн» оҕо кутун булаллара номохторго баар буолар. («Орук оҕото» эҥин хайдах быһыылаахтык оҥоһуллара кэпсэммэт. Бука, эмиэ ити курдук ханнык эрэ иччилэр, айыылар курдары кэпсэтиһиилэринэн, «сокуону тумнан», «по блату» эҥин диэн курдук оҥоһуллара буолуо).

Үөһэ ахтыллыбыт уус-уран айымньыга этиллэринэн, саҥа айыллыахтаах оҕо кутун-сүрүн барытын тута холбуу уган ыыталлар. Ол эбэтэр, бу үөскүөхтээх оҕо хайдах майгылаах-быһыылаах, өйдөөх-санаалаах, дьүһүннээх-бодолоох киһи буолуохтааҕа барыта эрдэттэн «бырагыраамаланан» бүтэн турар курдук.

Эппиппит курдук, оҕо оҥоһулунна. Ити кэннэ Иэйэхсит эбээһинэһин толорсон үөһэ дойдутугар көтөр, оттон Айыыһыт оҕону төрүөр диэри көрө-харайа, араҥаччылыы хаалар. Тоҕус ый былаһын тухары кини ийэтин иһигэр сылдьар оҕону харайсар.

Киһи олоҕо

Оҕо төрөөбүтүн кэннэ, аҕыйах хонон баран дьахтар аймах мустан үөрүү-көтүү, күлүү-салыы, арыы-сыа бөҕөтө буолан «Айыыһыт атаарыыта» диэн сиэри-туому ыыталларыттан сылыктаатахха, Айыыһыт эбээһинэһин толорон, оҕону төрөтүһэн баран үөһэ көтөр эбит. Кини оннугар саҥа төрөөбүт оҕону араҥаччылыы Иэйэхсит хотун түһэр. Быһата, төрөөбүт киһи Орто Дойдуга баарын тухары Иэйэхситэ батыһа сылдьан дурда-хахха буолар, илэ да, түүлгэ да көстөн сүбэлээн-амалаан биэрэр, дэҥтэн-оһолтон араҥаччылыыр. Сахаҕа «Иэйэхситтээх киһи» диэн өйдөбүл баарыттан, Өксөкүлээх да суруйарыттан сиэттэрдэххэ, быстах эбэтэр кэбирэх оҥоһуулаах дьон Иэйэхситэ суох буолуохтарын эмиэ сөп быһыылаах.

Оҕо төрөөтө. Ол кэннэ, бука, Айыыһыт хотун үөһэ тахсан хайдах-туох оҕо күн сирин көрбүтүн «отчуоттуур» буолуон сөп, үөһэ Таҥха Хаан, Дьылҕа Хаан уонна Билгэ Хаан тойоттор мустан бу киһи кэнэҕэски дьылҕатын быһаараллар. Саамай ыйааһыннаах тылы Таҥха Хаан тойон бэйэтэ этэр курдук. Манна этиллибит бүтэһиктээх тылы Уһун Дьурантаайы диэн халлаан суруксута (Үрүҥ Аар Тойон уола) үрдүк мэҥэ халлааҥҥа турар «дьэҥкир таас остоолбоҕо соһо хаанынан» ханна да халбаҥнаабат гына суруйан хаалларар. Ол биһиги олохпут, дьылҕабыт сиһилии «расписаниета».

Олунньуга Таҥха кэмигэр саха дьоно Үрдүкү Айыылар тугу суруйан, дьылҕалаан кэбиспиттэрин билэ сатаан таҥхалыыбыт. Мантан көстөрүнэн, саха итэҕэлин быһыытынан, киһи олоҕо-дьылҕата хара төрүөҕүттэн өлүөр диэри барыта эрдэттэн сиһилии суруллан, быһаарыллан бүтэн турар курдук буолан тахсар. Ол эбэтэр, ким эрэ сааһын сиппэккэ сылдьан өлөрө-сүтэрэ, кими эрэ ойуун быһа «курбуулуура», «дьон тыла хоноро», «быһа этэн кэбиһэллэрэ», «сэмэтэ-суҥхата туолара», кимтэн эрэ кутун көтүтэн ылаллара, кими эрэ абааһылар «мунньахтаан» баран «испииһэктэн сотоллоро» барыта эрдэ суруллубут боротокуол олоххо киллэриллиитэ эрэ эбит. Ол эрээри, сорох улахан ойууннар улаханнык ыалдьыбыт ытык-мааны дьон олохторун, атын кыра-хара дьон, сүөһү олоҕун толук биэрэн, уһатан биэрэллэрэ кэпсэнэр. Итини тэҥэ, бүтүн оҥоһуулаах гына оҥоһуллубут киһини уу да ылбата, уот да сиэбэтэ саха сэһэннэригэр мэлдьи кэпсэнэр. Оннук киһи уулусса да, салгын да саахалыгар, араас оннук-маннык «терактарга», быһылааннарга, кырыыска-таныарга кылаана да кыларыйбат. Быһата, ким баҕарар «мин бүтүн оҥоһуулаахпын, Иэйэхситим арыаллыы сылдьар буолуохтаах» диэн санаатын бөҕөргөтүнэн баран туохтан да долгуйбакка-куттаммакка сылдьыан эмиэ сөпкө дылы. Ол туох да куһаҕана суох, «үөһээҥҥи боротокуолга» кыра халбаҥнааһын баара мэһэйдээбэт.

Сорох аныгы ырытааччылар суруйалларынан, киһи өллөҕүнэ буор кута (матырыйаалынай этэ-сиинэ) буору кытта буор буолан сиргэ симэлийэр, ийэ кута — генетическэй чааһа — төрдүлэригэр барар (табылыннаҕына, иккистээн эргийэн кэлиэн сөп дииллэр), салгын кута (билиитэ-көрүүтэ, идиэйэтэ) салгыны кытта салгын буолан көтөн хаалар. Өлбүт киһи салгын кута охсуллан ааһарын биһиги түһээн эбэтэр күн-дьыл болдьоһуутугар илэ да кэриэтэ көрөн аһарыахпытын сөп.

Онон, саха итэҕэлинэн, киһи – оҕо оонньуута буолбатах. Кини кимнээх эрэ быстах хоонньоспуттарын түмүк «бородууксуйата» эрэ буолбатах. Кини айылларыгар, киһи-хара буолан хайдах олоҕу олорон ааһарыгар Үрдүкү Айыылар, халлаан хамыыһыйата, халлаан суруксуттара бары кыттыгастаахтар.

Санааҕын суруй