Киир

Киир

СӨ култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтин үлэһиттэрэ  үтүө дьыала эстафетатын бөҕү-саҕы хомуйууттан саҕалаатылар.

Аахсыйа сүрүн суолтата диэн, араас аһымал тэрээһиннэри ыытыы уонна үс тэрилтэҕэ эмиэ оннук тэрийэллэригэр эстафетаны биэрии буолар. Ону барытын социальнай ситимҥэ бэлиэтээн таһааран иһиэхтэрэ. Бу эстафетаҕа ханнык баҕар тэрилтэлэр кыттыахтарын сөп.

Хайаан да улахан тэрээһиннэр буолуохтаахтар диэн буолбатах. Саамай сүрүнэ ис сүрэхтэн оҥоһуллуохтаах. Холобур, элбэх оҕолоох ыалларга, социальнай тэрилтэлэргэ, биирдиилээн дьоҥҥо көмөлөһүөххэ сөп. Сомоҕолоһуу сылыгар   уопсастыба сомоҕолоох буоларыгар дьоһун саҕалааһын буолуо”, – диэн миниистир бастакы солбуйааччыта Владислав Левочкин этэр.

Министиэристибэ үтүө дьыала эстафетатын култуура ресурнай бырайыактыыр киинигэр, Өктөмнөөҕү норуодунай тыйаатырга уонна Жатайдааҕы култуура салалтатыгар биэрдилэр.

ysia.ru

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар