Киир

Киир

Кытай тылын үөрэтэр олус туһалаах. Мин кытай тылын анал үөрэхтээх тылбаасчыта буолбатахпын. Ол эрэн, кытай тылын сэргиибин, кыралаан үөрэтэ сатыыбын. Кытай саха тылыгар маарынныыр тылларын туhунан иккиһин суруйарга быһаарынным.

Былыргы сахалар төрүттэрэ урукку үйэлэргэ кытайдары кытары адьас чугастыы алтыhа сылдьыбыттарын туоhулуур холобурдар бааллар. Ити курдук, урут суруйбуппун өссө тупсаран хатылыыбын. Уонна өссө саҥа тыллары суруйуом.                                            

Кытай уонна саха маарыннаһар тыллара

А. Айаа (сахалыы). Ой. Ай (кытайдыы). Ыарытыйыы бэлиэтэ.

Ала чуо. А лай цхуо (кытайдыы). Дьэ эрэ, чопчутук.

Бэйи эрэ (сахалыы). Постой, подожди. Бие дьи (кытайдыы) – бээрэ, тиэтэйимэ.

Д. Дыгын (сахалыы). Кинээс, тойон. Да гунн (кытайдыы) – Великий князь.

Дабай (сахалыы). Дао вай (кытайдыы). Атын сирдэргэ, үрдэллэргэ, туора омук сирдэригэр тахсыы.

Дабаан (сахалыы). Дьогдьуурдаах миэстэ.

Да баан (кытайдыы) – үрдүк сололоох киhи. Тойон.

Даҥ (сахалыы). Туох эрэ сыстан, тохтоон хаалбыта. Даҥ (кытайдыы) – тохтообут, туран хаалбыт. Даҥ-даҥ – тохтоо эрэ.

Дьай. Соччото суохтук дьайыы. Дьай (кытайдыы). Бөрүкүтэ суох быhыы. Зло.

Дьиэ (сахалыы). Дьиэ (кытайдыы) – Дьиэ, дьиэ кэргэн, төрөөбүт дойду.

Дьээ-буо (сахалыы олоҥхо киирии тыла).

Дьээ-буо (кытайдыы). Дойду саҥарар, куолаhын иhитиннэрэр. Холобур: «Бэйдьиин куаҥ буо» – «Пекин иhитиннэрэр».

Дьиэк (сахалыы). Изъян. Дьиэ ку (кытайдыы). Горечь в доме, семье.

Дьон (сахалыы). Жэнь (кытайдыы).

Дьиҥ. Цзинь. Чахчы (кытайдыы).

И. Ичээн (сахалыы). Былыргы норуот эмчитэ, унуох тутааччы, чартааччы. Исээн (кытайдыы) – врач, доктор.

К. Курас (сахалыы). Горечь. Куу (кытайдыы) – аhыы.

Куоҥ (сахалыы). Киэҥ-куоҥ. Куаҥ (кытайдыы). Киэҥ-куоҥ.

Куоҥ (сахалыы). Нэлэмэн. Кытайдыы. Куаҥ. Карьер.

Кыах (сахалыы). Возможность.

Кыа И(кытайдыы). Возможность.

Кыанар(сахалыы). Кыа нар (кытайдыы). Сатанар, кыанар.

Манньый. Астыммыт, сылаанньайбыт. Мань и. (кытайдыы). Манньыйар, астынар, сэргиир.

Кудай Бахсы. «Гу-Дай». Былыргыны тосхотооччу. «Бхао Цзы». «Кyндy киэргэл».

Саалаа – ыт, өлөр, суох гын. Ша ла (кытайдыы).

Син (сахалыы). Син (кытайдыы). Холобур: син үчүгэй.

Сээн (сахалыы-эбэҥкилии). Yрэх сиэнэ. Дьээн (кытайдыы). Өрyс, сүүрүк. Уссулидьээн. Уссури өрүс.

Т. Тайааҥ (сахалыы). Сабардаан сытар. Тайааҥ (кытайдыы) – Күн.

Туйгун (сахалыы). Тхай гунн (кытайдыы). Олус эрчимнээх.

У. Уоруу (сахалыы). Уо жу (кытайдыы). Сэнээн, атаҕастаан дьаабылааhын.

Нь. Сахалыы «Ньургуйаана». Нюй-гуй-ань. «Дьахтар-күндү-чуумпу».

Ч. Чаҥкыныыр (сахалыы). Чаҥгыар (кытайдыы) – ыллыыр.

Чаҥ! (Кытайдыы) Ыллаа!

Чэ (сахалыы). Чэ бардыбыт. Поехали. Чэ (кытайдыы) – массыына.

Хайа (сахалыы). Модальнай тыл. Соhуйуу тыла.

Хай яо (кытайдыы). Дуо?! Өссө?!

Хахай. Кыыл. Хуо хар (кытайдыы). Кыыhырыы. Уордайыы.

Хаар. Хуар (кытайдыы)

Эhээ (cахалыы). Оҕонньор. Э-ээ (кытайдыы).

20200113 153142

20200113 153150

Манна эбии саҥа тыллары суруйабын

Дьиҥ. Кытайдыы Дьиҥ – көмүс.

Баай. Кытайдыы – Баай – үрүҥ.

Хайаа. Кытайдыы – Кай (массыынаны ыыт, ону-маны холбоо, чиэк биэр, рецептэ биэр, уопсайынан тугу эрэ дьаһай.

Чиҥ. Кытайдыы – Чиҥ. Ыраас халлаан.

Наҥнай. Кытайдыы – Най най. Эмээхсин.

Суй. Суй хара киһи. Олус хара киһи. Кытайдыы. Суй.

Саамай, муҥутуур. Суй мэй. Саамай кэрэ.                  

Дьаҥ. Кытайдыы. Дьаҥ. Сабардаа.

Эдьиэй. Кытайдыы. Дьиэдьиэ.

Уун. Холобур, тугу эрэ бэлэҕи. Кытайдыы. Суун.

Сээн. Таптал тыл. Кытайдыы. Сян. Таптал тыл. Минньигэс сыттаах.

Чээн. Минньигэс. Тиень.

Ыраас харчы. Кытайдыы – сян дьиҥ.

Дьээ. Дьону күүркэтэр тыл. Кытайдыы. Дьяо. Дьону ыҥырар тыл.

Элэй. Элэй-сылай. Кытайдыы. Лей.

Сылдьар. Сылдьааччы. Кытайдыы. Сыдьи. Суоппар.

Бүөбэй. Таптыыр киһим. Кытайдыы. Баобэй. Тапталлааҕым.

20200113 153156

20200113 153206

Дьэ бу кыра да холобурдар саха тылын сорох өрүттэрэ кытай тылыгар маарыннаан ыларын кэрэһэлиир. Онон, баҕалаах дьон кытай тылын үөрэтиҥ, сэргээҥ. Син-биир хаһан эмит олоххутугар наада буолуоҕа.

 

Станислав Алексеев, Мииринэй куората.

 

Санааҕын суруй