Бырайыак ааптардара – Татарстан народнай поэта Ркаиль Зайдулла уонна Саха сирин народнай поэта Наталья Харлампьева.
Ону таһынан, бырайыагы Татарстан биллиилээх поэта, кинигэ кыһатын сүрүн эрэдээктэрэ Ленар Шаехов уонна Саха сирин эдэр поэта, саха суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Гаврил Андросов иилээн-саҕалаан салайдылар. Хоһооннору, хаартыскалары бэлэмнээһиҥҥэ саха суруйааччылара Елена Слепцова- Куорсуннаах, Альбина Борисова уонна Рустам Каженкин үлэлээтилэр.
Саха поэттарын хоһооннорун татаар омук биллиилээх поэттара: Ркаиль Зайдулла, Ленар Шаехов, Галимьян Гильманов, Рафис Курбан, Фируза Замалетдинова, Рузаль Мухаметшин, Луиза Янсуар, Лилия Гибадуллина, Ильгам Ногуманов, Гелюса Батталова, Рифат Салах уонна Фанир Гилязов тылбаастаатылар. Кинигэ саха уонна татаар тылынан, 1100 ахсааннаах таҕыста.