Киир

Киир

Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра Арассыыйа күнүн көрсө, бэс ыйын 11-12 күннэригэр YouTube-канаалга «Көмүөл» испиктээҕи онлайн көрдөрүөҕэ.

Испиктээкили бэс ыйын 11 күнүгэр 17 ч. https://www.youtube.com/watch?v=T73SluzF6tc&feature=youtu.be сигэннэн киирэн көрүөххүтүн сөп. Онлайн испиктээк бэс ыйын 12 күнүгэр киэһэ 17 ч. дылы бу канаалга көрдөрүүгэ туруоҕа.

Драматург Баһылай Харысхал “Көмүөл” испиктээкилэ Ксенофонтовтар дьиэ кэргэн араас көлүөнэлэрин олохторун туһунан сэһэргиир. Сүрүн герой – Саха сирин судаарыстыбаннаһын олохтуурга сүҥкэн кылааты киллэрсибит 6 эдэркээн уол аҕата Василий Ксенофонтов.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар