Киир

Киир

Саха-политехническэй лиссиэйи бүтэрэр Полина Маркова химияҕа уонна нуучча тылыгар СКЭ 100 баалга суруйбут.

Бэс ыйын 18 күнүгэр нуучча тылыгар уонна физикаҕа СКЭ түмүктэрэ биллибитэ. Нуучча тылын 100 баалга аҕыс оҕо суруйбут. Олортон биирдэстэрэ Дьокуускай куорат саха-политехническэй лиссиэйин бүтэрээччи Полина Маркова буолар. Кини икки биридимиэти 100 баалга туттарбыт.  Бу иннинэ химияны эмиэ 100 баалга суруйбут. Быйыл 200 оҕо 90тан үөһээ баалы ылбыттар. Бу былырыыҥҥытааҕар икки төгүл элбэх. Физикаҕа СКЭ 90 баалтан үөһээ үс оҕо туттарбыт. Бу күҥҥэ номнуо сэттэ биридимиэккэ СКЭ түмүгэ биллэр.

ysia.ru

Санааҕын суруй