Киир

Киир

Сэтинньи 18 күнүгэр “Триумф” успуорт киинигэр, Дьокуускай куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара Өлүөнэ өрүһү туоруур күргэ тутулларын туһунан үөрүүлээх сонуну оһуохайдаан бэлиэтээтилэр.

Куорат баһылыга Сардана Авксентьева социальнай ситим нөҥүө куорат олохтоохторун оһуохайга ыҥырбыта. “Оһуохай олус күүстээх суолталаах. Ыра санаабыт түргэнник олоххо киирэрин туһугар, бары түмсэн санаабытын сомоҕолуур тустаахпыт”, – диэн эппитэ.

Ону таһынан, күргэ тутуллан үлэҕэ киирдэҕинэ, өрөспүүбүлүкэ дьоно-сэргэтэ төгүрүк сыл устата кыһалҕата суох олороллорун бэлиэтээтэ. “Биһиги күргэ тутулларыгар эрэнэбит!” диэн түмүктээтэ.

Дьокуускай куорат уопсастыбаннай палаататын бэрэссэдээтэлэ Андрей Высоких маннык эттэ: “Өлүөнэ күргэтэ Дьокуускай куорат сайдыытыгар эрэ буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар улахан суолталаах. Күргэ тутуллан олоххо киирэрин олохтоохтор бары күүтэбит”.

Тэрээһиҥҥэ750 киһи кыттыыны ылла.

yakutia24.ru/                                

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар