Киир

Киир

Бэс ыйын 7 күнүгэр Дьокуускай куоракка Гагарин скверигэр 200-ча киһи муһунна. Кинилэр бука бары саха тылын чааһын оскуолаҕа булгуччулаах буоллун диэн туруорсаллар.

ГосДуумаҕа бу күннэргэ национальнай өрөспүүбүлүкэлэргэ төрөөбүт тылларын оскуолаҕа үөрэтэллэрин сарбыйар, көҥүл (добровольное обучение) гынар сокуон барылын киллэрэн олороллор. Бу кыһалҕа силиһэ дириҥин, содула улахан буолуон сөптөөҕүн, биллэн турар, бэрт ахсааннаах киһи дьэҥкэтик өйдүүр. “Мин оҕом нууччалыы да, аангылыйалыы да элбэхтик үөрэннэҕинэ киһи-хара буолуо ээ!” диэн бэрт судургу, күннээҕи санааттан хайдах босхолонобут? Норуот сорох араҥата итинник өйдүүрэ дуу, өйдөөбөтө дуу норуот бэйэтэ былдьаһан-тарыһан талбыт дьокутааттара хайдах куоластыылларыгар илэ-бааччы көстүөҕэ. Бүгүн Ил Түмэҥҥэ бэрт элбэх боппуруоһу ырыта, көрө олороллор. Олортон биирдэстэрэ – ГосДуума ити алдьатыылаах бырайыагын утарабыт дуу, суох дуу диэн. Кэтэһэбит.

IMG 5109 Copy

IMG 5107 Copy

IMG 5105 Copy

IMG 5096 Copy

IMG 5094 Copy

IMG 5089 Copy

IMG 5084 Copy

IMG 5083 Copy

IMG 5079 Copy

IMG 5077 Copy

IMG 5074 Copy

IMG 5070 Copy

IMG 5062 Copy

IMG 5060 Copy

IMG 5053 Copy

IMG 5048 Copy

IMG 5030 Copy

IMG 5024 Copy

IMG 5014 Copy

IMG 5007 Copy

Бэй. кэр., Александр Назаров хаартыскаҕа түһэриитэ.

Сэҥээриилэр

василий
0 василий 08.06.2018 21:40
Олус туһалаах миитин буолбут,тыа дьоно үөрэбит эрэ
Ответить

Санааҕын суруй