Киир

Киир

Мииринэйгэ хаарбах дьиэ эрэ элбэх. Быйыл оройуон дьаhалтата отчуоттаабытынан, 7 нэhилиэнньэлээх пууммутугар 227 хаарбах туруктаах эргэ дьиэ баара бэлиэтэммит.

Ол иhигэр Мииринэй куоракка 61 эргэ, хаарбах туруктаах дьиэ баарын учуокка ылбыттар. Алмаастаах кыраай киинин киинигэр, мин билэрбинэн, ъ 600-чэ мас дьиэ баар. Yгүстэрэ 50-с, 60-с сылларга тутуллубуттар.  Дьиэ пуондатын «Мииринэй куорат» муниципальнай тэриллии быhаччы дьаhайар.

Куораппытыгар, үп-харчы татымынан, саҥа тутуу көҕө суохтук барар.

Онон 2017 сылтан ылата, дьиэ ыларга уочараттаахтарга анаан, мээрийэ куорат олохтоохторуттан («Вторичный рынок жилья») кыбартыыра атыылаһар буолла. Онно «хрущевкалар», 60-сыллар «блочнай» дьиэлэрэ киирсибэттэр эбит. Дьиэлэр 80-с, 90-с сыллардаахха тутуллубут «КПД-лар» буоллахтарына биирдэ «барсыһар» диэн буолар. Оттон Мииринэйгэ дьиэтин түргэнник батаран, мантан көһөн барар былааннаах дьон элбэх.

mir

Хас нэдиэлэ ахсын олохтоох хаhыакка, Интэриниэт саайтарыгар холбоон-илбээн 600-чэ дьиэ-уот атыытын биллэриитэ тахсар. Уопсайынан, дьиэ сыаната оройуоммутугар (Удачнайтан ураты) улаханнык түстэ.

mir1

Мииринэйтэн чугас сытар Светлэйгэ, бэл, 300 тыhыынча солкуобайга биир хостоох таас дьиэни ылбат буолбуттар. Чернышевскайга, Алмазнайга, Арыылаахха баар кыбартыыраларга, букатын да ким да саантаабат буолан турар. Онон Мииринэйгэ кыбартыыра атыылаhыан баҕалаахтарга табыгастаах кэм үүннэ.

Биир сытыы боппуруоhунан чааhынай дьиэлэр түөлбэлэрэ буолар. Быйыл мээрийэ Мииринэй куораты тулалыы сытар хаарбах, мас дьиэлэрдээх Нижнэй, Верхнэй, Заречнай, 3-с №-дээх баабырыка, ТЗБ оройуоннарын, даачалар, араас хабааннаах тутуулар бас билээччилэрин чуолкайдыыр, бэрээдэктиир. Маныаха МФЦ эмиэ үлэлэһэр. Росреестр аналлаах докумуонунан хаhаайына бигэргэтиллибэтэх тутуулары судаарыстыба суотугар былдьыыр бырааптаах. 2018 сылга диэри болдьох биэрбиттэрэ, онон быйыл күhүн бүтэр. 2013-2014 сс. куораты иилиир уот ситимнэрэ ЗЭСкэ («Якутскэнерго») бэриллибиттэрэ. Билигин, хас биирдии чааhынай тутуулаах, даачалаах хаhаайын уотугар-күүhүгэр аналлаах аныгы учуоттуур тэрили туруорарын ирдииллэр. Ити курдук, мээрийэ, куорат иhигэр эрэ буолбакка, Мииринэй кытыытыгар олорор сирдэри кичэйэн тургутар, учуокка ылар.

mir2

Хоммунаалкаттан, дьиэ бас быстар сыанатыттан куотаары, Орто Азияттан, Кавказ судаарыстыбаларыттан кэлбит табаарыстар, куорат кытыытын булаллар. Даачалары (үксүлэрэ ким эрэ бырахпыт дьиэлэрэ) кыhын олорорго табыгастаах, сылаас гынан оҥостоллор. Олорор дьиэ боппуруоhун ити курдук олус түргэнник быhаараллар.

mir3

Бу дьонтон сорохторо, үрдүк күүрүүлээх уокка быhа холбонуу ньыматын бэркэ баhылаабыттар. Энергосбыт маннык сыһыаннаһар дьону кытары киирсиhэртэн, сууттаhартан соло булбат. Онон кэнники сылларга кэлии дьон, уhун кэмнэргэ буолбакка, быстахтык олорорго суоттанар эбиттэр.

Станислав Алексеев, Мииринэй куорат. Ааптар хаартыскалара.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар