Киир

Киир

Арассыыйа Билимин академиятыгар эппиттэринэн, кэнники 3 сылга дойдубутуттан үрдүк таһымнаах исписэлиистэр көһөн барыылара өссө улааппыт.

Академия бүрүсүдьүүмүн учуонай-сэкирэтээрэ Николай Долгушкин эппитинэн, 2013-2016 сылларга Арассыыйаттан көһөн барааччы исписэлиис ахсаана 20 тыһыынчаттан 44 тыһ. диэри элбээбит. Ол аата – икки төгүлтэн ордук. Ити кэмҥэ Арассыыйа билимин тэрилтэлэригэр учуонайдар штаттара 69,5-тэн 67 тыһ. тиийэ аччаабыт. Ордон хаалбыт дьон 3 гыммыт биирэ – биэнсийэлээхтэр.

Холобур, Ломоносов аатынан МГУ экэниэмикэҕэ факультетын ситиһиилээхтик бүтэрбит устудьуоннар 30 %-нара эрэ “ханна да барбаппын, Арассыыйаҕа хаалан үлэлиибин” дииллэр эбит. Бу факультет билигин омук сиригэр үлэлии сылдьар 88 выпускнигыттан ыйыппыттарыгар, кинилэртэн 8 эрэ киһи МГУ-га ортотук үөрэммит, уоннааҕылара – туйгуннар. Оттон Арассыыйаҕа үлэлии хаалбыт выпускниктарга туйгун үөрэхтээҕэ – 32 %. Быһата, төһө да хомолтолооҕун иһин, “сүрүннээн, мөлтөх үөрэхтээх дьон эрэ манна хаалаллар эбит” диэн өйдөбүл үөскүүр.

МГУну бүтэрбит эдэр экэнэмиистэр, сүрүннээн, АХШка, Германияҕа, Британияҕа, Нидерландыга көһөн бараллар. Бу дьон көһөр төрүөттэринэн “дойду бэлиитикэтин халбархай туругун”, “экэниэмикэ көҥүлэ суоҕун” ааттыыллар.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар