Бассаабынан эбэҥки Виктор Наумов Нерюнгри оройуонугар баар Амунакта үрүйэ киртийбитин, “Новая” диэн көмүсчүттэр артыалларыттан куотартан сылайбытын туһунан кыйыттан туран кэпсиир видеота тарҕаммыта. Ол биир эрэ киһи этиитинэн муҥурдаммакка, олохтоох дьон санаатын истээри, атырдьах ыйын 24 күнүгэр соһуччу Иенгралыыр буоллум.
Иенгралар: “Итэҕэлбит, эрэлбит суох!”
Иенгра Дьокуускайтан 858 км. тэйиччи сытар. Массыынанан айаннаан иһэн, лаглархай бэстэртэн, чээлэй күөх тайҕаттан, “мин аҕай” диэбит курдук ыраах турар субурхай, үрдүк хайалартан киһи хараҕа манньыйар. “Айылҕабыт чэчирээн кэрэтин, барыта бу курдук торулас тоҥ, тыытыллыбатах ыраас” диэн санаа үөскүүр. Ол эрээри...
Иенгра дьаһалтатыгар тиийдибит. Миигин кытары айылҕа харыстабылын уопсастыбаннай иниспиэктэрэ, “Иенгра” муниципальнай тэрилтэ дириэктэрэ Ньургун Владимиров сылдьыста. Баһылыктара Ольга Игнатенко уоппускаҕа буолан, солбуйааччыта Екатерина Семенова баар. Олохтоохтортон “Гирпис” община баһылыга Константин Александров, “Нюрмаган” община баһылыга Раиса Колесова, Иенгра нэһилиэгин дьокутааттарын Сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий Юхновец уонна олохтоох кырдьаҕастар мустубуттар. Бырамыысыланнас, көмүс, таба дьыалатыгар олус элбэх киһи кэлэр-барар буолан, миигин кытары маҥнай хал буолбут курдук кэпсэтэн истилэр. “Бары кэлэн ыйыталлар, истэллэр, бараллар – түмүгэ туох да суох” диэн сапсыйаллар. Ол да буоллар туох кыһалҕалаахтарын быһыта-орута кэпсээтилэр. Кырдьаҕас дьон уонна община баһылыктара этэллэринэн, “хас да бырамыысыланнай тэрилтэ үлэлиир, түмүгэр рекультивация да ыыппакка барытын быраҕан, ыһан-тоҕон бараллар, туох да улахан көмө суох. Ыччат да үөрэххэ барбат, суол-иис да суох”. Утары олорор кырдьаҕас эмээхсин кэлэйбиттии: “Табаһыт бырааһынньыга олус да өрө күүрүүлээхтик ааһар. Туох баарбытынан көрсөбүт, олус ыалдьытымсахпыт. Ол кэннэ көрүлээн баран бүтэбит, умнуллабыт. Сотору таба да, эбэҥки да суох буолуоҕа”.
Юрий Юхновец: “Чукчалар баҕас” дииллэр”
2017 сыллаахха “Труд” ХЭТ диэн тэрилтэ үгэс буолбут хаһаайыстыбаны (таба иитиитэ, балык, булт-алт) сайыннарарга, харыстыырга сир ылбыта. Нөҥүө сылыгар “Новая” диэн көмүсчүттэр артыаллара үлэлээн киирэн барбыта. Туох даҕаны көҥүлэ-кэпсэтиитэ суох, сокуону кэһэн туран мас кэртилэр, кырыс буор үрдүкү араҥатын алдьаттылар, үрүйэлэрбитин киртиттилэр. Быһата, таптаабыттарынан сылдьаллар. Ити кинилэр үлэлии сылдьар сирдэрэ ТТП (территория традиционного природопользования). Бу ТТП-ны тэрийэр үлэ олус уустуктук олоххо киирбитэ. Иенгра национальнай Сүбэтин урукку бэрэссэдээтэлэ Андрей Дмитриев Москубанан элбэхтэ айаннаан, сүүрэн-көтөн туруорсубута. Саха сирин соҕуруу өттө – бырамыысыланнас зоната. Нерюнгри оройуонугар 80 000-ча киһи олорор. Онтон эбэҥкилэр 1000-ҕа тиийбэт киһи. Онон, манна олохтоох дьон интэриэһин уонна бырамыысыланнас туһунан кэпсэтиини таһаарар уустук. Андрей Дмитриев Москубаҕа Василий Шестаковы көрсөр. Кини манна кэлэн, эбэҥкилэр олохторун билсэн баран, ТТП оҥорору өйүүр. Олохтоох дьон бырамыысыланнас үлэлиирин утарбаппыт, судаарыстыбаны хайдах утарыахпытый? Ол да буоллар сокуону кэспэтиннэр, биһигини эмиэ ытыктаатыннар ээ. Биһиги эмиэ аһыахпытын, дьон курдук олоруохпутун баҕарабыт. Хоромньу таһааран баран бараллар, биһиэхэ туох да ордубат. Биир эмэ табаһыт бэйэтин көмүскэнэн эһэни өлөрдүн эрэ, суут-сокуон дьоно сонно сүүрэн кэлэллэр. Дьэ, сокуон онно биир тыла суох үлэлиир. Оттон айылҕабыт бу курдук дьүһүлэммитин кэннэ суут-сокуон ньимиликээн. Киһи эрэ хомойор...
Нөҥүө күнүгэр айдааннаах “Новая” диэн көмүсчүттэр артыалларын таһыгар олорор Алдакай диэн табаһыттар общиналарыгар айаннаары турунабыт. Иенграттан “Урал” массыынаҕа квадроцикл тиэйэн, бурдук, ол-бу хаһаанар ас ылан, табаһыттар көһөн эрэллэр эбит: Виктор Наумов, кини кэргэнэ Ира уонна икки эр киһи (табаһыттар дииллэр). Суолбут ортото ардаата, онон өрүс уута үрдүүр кутталланар. Биһиги Тимптон өрүһү массыынаҕа олорон уҥуордаатыбыт. Ол кэннэ квадроциклга олорон, бадарааны баһан табаһыттар сирдэригэр тиийдибит. Ира кэпсииринэн, биир киһиэхэ 40-50 таба баар буолуохтаах. Сотору 80-чаҕа диэри үрдэтиэхтээхтэр диир.
Били, үөһэ ойуулаабытым курдук, кэрэ айылҕа тайҕа иһигэр киирэн истэххэ, ханан да суох. Иһэ чиэрбэ буолбут дьаабылыка, эбэтэр искэннээх мэйии курдук... Киһи туохха тэҥниэн сөбүй? Ол-бу көлө тимир дьардьамата, көмүс хостоору хаһыллыбыт сиртэн үөскээбит күөллэр, хаһыллыбыт сирдэр – этэргэ дылы, “лунный ландшафт”. Үрэхтэр хаһыллан хаалбыттар, ол иһин сүнньүн моһуона уларыйбыт, артыаллар үлэлиир сирдэринэн кэрдиллибит кыстанан турар мастар көстөллөр. Киртийбит, дьэбин курдук өҥнөөх Тимптон өрүс, Амунакта үрүйэ устар.
Тимптону уҥуордаабыппыт кэннэ, ардах өссө курулаата, суол төрүт даҕаны алдьанна. Квадроцикл, “Урал”, танкетка эрэ сылдьар дьаабы суола. Чаас аҥаарынан табаһыттар сирдэригэр тиийдибит. Олус кырдьаҕас көрүҥнээх эмээхсин көрүстэ, нууччалыы мөлтөхтүк саҥарар, дьон кэлиэ диэн бэлэмэ суох олорбут. Билбитим, 62 саастаах эбит. Ханна даҕаны көспөккө, мэлдьи ити сиргэ табаларын кытары олорор үһү. Саҥата-иҥэтэ суох омук эбит, үөтэлээн тугу даҕаны кэпсээбэтилэр. Арай эмээхсин “ити артыаллар тыастара-уустара сүгүн утуппат” диир. Бэйэтэ бултуур эбит, “кэлин булт аҕыйаата” диэн суҥхарар. Арай видеоҕа баар Виктор Наумов кэпсээтэ.
Табаһыт Виктор Наумов: “Кыыл-сүөл суох буолла”
Бу көмүсчүттэр артыалларыгар “суол оҥоруҥ” диэн көрдөспүппүт да суох. Тиэхиньикэлэрин харыһыйаллар ээ, быһыыта. Амунактаҕа балыктыырбыт. Билигин барыта кип-кирдээх. Бу сиртэн үөһэ бардахха, атын ыраас үрүйэ баар даҕаны, быйыл балык суох. Эбэбит балыксыт. Туга да суох хааллаҕа. Көмүсчүттэр барытын хаһан бүтэрдилэр. Бу артыаллар (“Новая” диэки ыйар) тыаһаан-ууһаан кыылы-сүөлү куттууллар. Ол иһин булт-алт төрүт суох. Быйыл, дьэ, үүтээн туттаммыт өр олоруохпут дии санаабытым. Атын сиргэ туттарбар тиийэбин дуо? Кыыл таба, тайах баар, тыастан-уустан куоталлар. Аны биэс сылынан көрүөхпүт эрэ – манна туох да суох буолуоҕа. Бултуу диэн ыраах тиийэрбитигэр тиийэбит. Эбэбит манна соҕотох кыстыыр. Көстөхпүтүнэ, эмиэ батыһан бараахтыыр буоллаҕа.
Ньургун Владимиров: “Бэйэбитин буруйдууллар”
Мин айылҕа харыстабылын уопсастыбаннай иниспиэктэрэбин. Биир күн табаһыттартан “Новая” диэн көмүсчүттэр артыаллара сүгүннээмээри гынна” диэн үҥсүү киирдэ. Үлэбинэн олохтоохтору кытары тэҥҥэ сылдьабын, онон кыһалҕаларын, олохторун үчүгэйдик билэбин диэххэ сөп. Виктор Наумов диэн табаһыт “Новая” көмүсчүттэрэ мас кэрдэн эрэллэрин, өрүс, үрэх сүнньэ хаһыллан, моһуона уларыйда диэн үҥсэн, муус устар ый бүтүүтэ кинилэргэ тиийэ сылдьыбыппыт. Ити эппиттэрин курдук, сокуону чахчы кэспиттэр. Биһигини кытары туох да кэпсэтиигэ, контакка тахсыбатахтара, эбиитин этнологическай эспэртиисэ ыыппатахтар. Атын көмүсчүттэр дуогабар түһэрсэр үгэстээхтэр, дьаһалтаҕа кэлэн “договор социального партнерства” диэҥҥэ илии баттыыллар. Оттон “новайдары” биһиги билбэппит, туох да көҥүлэ, биир тыла суох үлэлээн киирэн барбыттара.
Аны ханнык даҕаны көмүсчүт көмүс хаһан баран, рекультивация оҥорбот. Барытын баас курдук хаһан баран бараллар. Бу иенгралар эрэ буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэ, судаарыстыба кыһалҕата. Хата, бэйэбитин буруйдууллар, “харчы ылаллар” диэн үтүрүйэллэр. “Докумуоннаахпыт” диэн куйах оҥостоллор.
Эбэҥки тыла уонна бырамыысыланнас
Национальнай оскуола институтун билимҥэ үлэһитэ Феня Лиханова бырамыысыланнас содула тылга охсуутун кэпсиир...
Мин пуягир диэн эбэҥки былыргы төрүтүн утумнааччыбын. 1980-с сылларга диэри таба 18 000 тиийэрэ. Бырамыысыланнас кэлбитэ да – аҕыйаатар аҕыйаата... Көмүс хас да тэрилтэтэ туох да сокуоҥҥа тирэммэккэ үлэлиир. Биһиги биир баар-суох сирдээхпит. Салгыы ханна үтэйээри-үүрээри. Онто да суох кыра сирдээхпит. Биһиги сирбитигэр туох эмэ үлэ таһаарар буоллахтарына, маҥнай олохтоохтору кытары көрсүөхтээхтэр. Оччоҕо эрэ интэриэспитин көмүскүүр кыахтаахпыт. “Новая” диэн көмүсчүттэр артыаллара тоҕо эрэ биир тыла суох үлэлииргэ санаммыт, көмүһүн сууйар. Айылҕабыт кэхтэр суолга барда, онтон сылтаан кыыл-сүөл, булт-алт суох буолар.
Айылҕа кэхтэриттэн таба улахан охсууну ылар. Ол кэннэ эбэҥки норуота. Табата суох биһиги киммитий? Табата суох култуурабыт, тылбыт да сүтэр. Таба баар буолан, тылбытын илдьэ сылдьабыт, эдэр дьон сайын дьонугар көмөлөһөр, эбэҥкилии алтыһар. Эбэҥки тыла оскуолаҕа 1-11-с кылааска диэри үөрэтиллэр. Оҕо саадыгар 15-20 мүнүүтэ эбэҥкилии дьарык баар.
Бэйэм Москубаҕа 15 сыл аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар ассоциацияларыгар үлэлээбитим, Сибиир уонна Уһук Илин үөрэҕириитин боппуруоһугар вице-бэрэсидьиэн этим. Билигин эбэҥки тылын учуобунньуктарын оҥорорго үлэлэһэбин. Тылбыт сүттэ. Ол иһин аудио-кинигэлэри оҥортуохха наада. Ол иһин Иенграбар дьон саҥатын уста кэллим. Сахалар, биһиги суолбутугар кытаатан тиийимэҥ. Судаарыстыбаттан син көмө баар диэн санаалаахпын, баҕар, сорохтор сөбүлэспэттэрэ буолуо. Ол да буоллар, туох да диэбит иһин, көҕүлээһин норуоттан тахсыахтаах. Ол иһин бырамыысыланнас да боппуруоһугар биһиги саҥарбакка хаалыа суохтаахпыт.
Көмүсчүттэр: “Наглайдаан бүтүҥ! Лиссиэнсийэлээхпит”
“Новая” көмүсчүттэр артыалларын тойоно Анатолий Тарнавскай сүрүн офиһа Нерюнгрига баар. Онно киирэн бэйэтин көрсөн, олохтоох дьон санаатын тиэртим. Суруналыыс кэлбитин көрөн, тута юриһын ыҥырда.
– Ханнык табаһыттар айдааралларын этэҕиний? Ити Ньургун Владимиров, Виктор Наумов диэн туох да кэрээнэ суох, сымыйаччы дьон. Виктор Наумов табаһыт да буолбатах, Ньургун диэн киһи – түөкүн. Мин көмүс көрдүүргэ, хаһарга лиссиэнсийэлээхпин. Барыта сокуон хараҕынан оҥоһуллубута. Этнологическай эспэртиисэ диэн тугуй? Хантан кэллэ?
– Дьаһалтаттан ыйыппакка, ТТП сиригэр олорор дьону көрсүбэккэ үлэ ыыта сылдьар үһүгүн.
– Ханна баалларый? Тоҕо табаһыттарга илдьэ барбатыҥ? Ити этэр дьонуҥ табаһыттарга сыһыаннара суох. Мин олохтоох дьаһалтаны кытары бэс ыйыгар көрсөөрү гыммытым – ким да кэлбэтэҕэ. “Труд” ХЭТ уонна баһылык Ольга Игнатенко ханна баалларый? Миигин кытары тоҕо контакка тахсыбаттар?
– Ньургун Владимировы туохха олоҕуран “түөкүн” диигиний? Көрсүһүү тэрийэриҥ туһунан официальнай ыҥырыыҥ ханнаный?
– Кини биһиги хампаанньабытыттан 10 мөл. солк. көрдөөбүтэ. Ол иһин “вымогание денег” диэн үҥсүү биэрдибит. Билигин борокуратуура көрө сылдьар. Хас кэлбит-барбыт көмүсчүккэ, куруубайдык эттэххэ, сир бэлэхтиир. 2013 сылтан үлэҕэ кэлиэҕиттэн мөлүйүөнүнэн суума хамсаан, сир бөҕөтө бэлэхтэннэ. Кини тугуй, уопсастыбаннай бэрэстэбиитэл быһыытынан харчы көрдүөхтээх дуо? Оттон “Труд” ХЭТ салайааччыта Седых диэн киһи ханна баарый? Көрсүһүү туһунан сурукпут суох, арай оройуон баһылыга Виктор Станиловскайга эппиппит.
– Оттон олохтоох табаһыттар үрэхтэрэ, өрүстэрэ киртийэн балыктара суох дииллэр. Маны туох диигиний?
– “Киртийбит-киртийбит”... Маҥнай Чульман, Тимптон өрүс киртийбитин үөрэт. Барыта киртийэн турар. Оттон биһиги, лиссиэнсийэлээх дьон, үлэлиибит. Табаһыттарга бородууктанан эҥин көмөлөһөбүт, кинилэр өрө баран иһэллэр, төбөбүтүгэр ыттаары гыннылар! Кинилэри “наглайдар” диэн кистээбэккэ этэбин.
Онон...
2010 сыллаахха В.Штыров илии баттааһыннаах “Об этнологической экспертизе” диэн аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар сирдэрин-уоттарын, олохторун үгэһин, төрүт хаһаайыстыбаларын көмүскүүр сокуон тахсыбыта. Онно айылҕа ресурсаларын туһаҕа киллэрэр регионнааҕы даҕаны, федеральнай даҕаны бырагыраамалар олоххо киириэхтэрин иннинэ, этнологическай эспэртиисэ ааһыахтаахтар. Ону таһынан норуот дьокутаата Иван Шамаев 2015 сылтан туруорсан-көҕүлээн “Об ответственном недропользовании на территории РС (Я)” диэн сокуона быйыл от ыйыгар олоххо киирбитэ.
Бу сокуоннар докумуоҥҥа эрэ буолбакка, чахчы үлэлиэхтэрэ дуо? Маны ким хонтуруоллууруй? Чэй-үүт бэрсэр курдук общиналар уонна көмүс хостооччулар дуогабардаспакка, сокуон өрөспүүбүлүкэ, судаарыстыба таһымыгар үлэлиэхтээх буолбатах дуо? Көрөрбүт курдук, хайа даҕаны өттүттэн өйдөспөккө, бырамыысыланнас үлэһиттэрэ уонна олохтоох дьон сыһыаннара иэмэ-дьаама биллибэккэ турар.
Билигин ыксаллаах түмүк оҥорон кэбиһэр эрдэ. Атырдьах ыйын 30 күнүгэр эбэҥки оройуонун Сүбэтин вице-бэрэсидьиэнэ, Айсен Николаев итэҕэллээх киһитэ Лена Степановна Иванова ити быһыыны-майгыны үөрэтэ, быһаарса Иенграҕа айанныыр. Биллэринэн, олохтоох дьаһалтаны, общиналары, ону тэҥэ “Новая” көмүсчүттэр артыалларын тойонун кытары көрсүөхтээх. Кини кэллэҕинэ, бу дьыалаҕа туох хамсаабытын туоһулаһыахпыт.
Кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат диибит. Кимнээх этиилэрэ сөбө, туох докумуон, сокуон күүһэ биллэр дуу, суох дуу?..
Сардаҥа БОРИСОВА,
Дьокуускай-Нерюнгри-Иенгра.