Киир

Киир

Нам улууһун киинигэр 98 миэстэлээх саҥа уһуйаан тутуллуо. Үбүлээһин оройуон бүддьүөтүттэн көрүллүө.

Саҥа эбийиэк Комаров уулуссатын 11 дьэндэйиэ. Биир этээстээх дьиэ 1 303,97 кв м иэннээх буолуоҕа. Уһуйааҥҥа түөрт бөлөҕүнэн: икки бөлөххө 25-тии, хаалбыт икки бөлөххө 24-түү оҕолор сылдьыахтара. Тутуу олунньу ыйтан саҕаланыа уонна бу сыл бүтүүтэ түмүктэниэ.

Санааҕын суруй