Киир

Киир

Бүгүн, олунньу 4 күнүгэр “Нурсултан Назарбаев” аэропордугар “VeDroid” диэн сахалар оҥорбут сууйар-сотор аналлаах роботтарын сүрэхтээтилэр. “Якутия” Технопарка резиденэ “Автономные технологии” аччыгый инновационнай тэрилтэ, 100 маннык роботы оҥорууга бастакы улахан хантараагы түһэристэ.

Бу роботтары аан бастакытын “Startup Kazakhstan” акселерациятыгар көрдөрбүттэрэ. Норуоттар икки ардыларынааҕы бырагыраамаҕа кыттыы бырайыак ааптардарыгар бастакы улахан үлэх ылалларыгар тирэх буолбута саарбаҕа суох.

Казахстан хампаанньаларын 100 устуука роботынан хааччыйыыга бастакы улахан хантараак түһэрсилиннэ. Бу саха оҥорон таһаарар тэрилтэтин бастакы улахан ситиһиитэ буолар. Билигин аны Аан дойду ырыынагын баһылыырга сорук турар”, – диэн Технопарка дириэктэрин эбээһинэһин толорооччу Петр Габышев иһитиннэрэр.

“VeDroid” хомуйар робот 70х60х60 кээмэйдээх. Суоккаларынан инчэҕэйдээн сууйар-сотор, бэйэтэ хамсыыр. Ууну иккистээн туттарыгар  ыраастыыр буолан кэмчитик туттар. Биир дьиэҕэ хас да робот үлэлиир буоллаҕына, бэйэ-бэйэлэригэр мэһэйдэспэттэр.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар