Киир

Киир

Уһук Илиҥҥэ Саха сиригэр саамай элбэх дьиэ-уот тутуллар. Быйыл – 704 тыһыынча квадратнай миэтирэ, оттон 2024 сылга – 960 тыһыынча квадратнай миэтэрэ тутуллан бүтүөхтээх.

 

Санатар буоллахха, былырыын 530,79 тыһыынча квадратнай миэтирэ иэннээх дьиэ тутуллубута. Онон кэлэр биэс сылга саҥа дьиэ тутуута икки төгүл улаатан, сыана орто кыахтаах киһиэхэ удамыр буолуохтаах, оттон ипотека бырыһыана түһүөхтээх диэн сабаҕалыыллар. Мантан төһөтө олоххо киирэрэ көстөн иһиэ, билиҥҥитэ национальнай бырайыак быүыытынан ку­­мааҕыга эрэ баар.

«Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыак чэрчитинэн, куоракка уонна тыа сиригэр эргэ-урба, хаарбах, саахалланар кутталлаах дьиэлэри салгыы көтүрэн, олохтоохтору көһөртүөхтэрэ. Маныаха дьиэни саахалланар туруктаах диэн билинэргэ, РФ бырабыыталыстыбатын тохсунньу 28 күнүгэр 2006 сыллаахха тахсыбыт 47№-дээх уурааҕын балаһыанньата сүрүн тирэх буолар. Ити уураахха ыйыллыбытынан, мас дьиэлэри эрэ буолбакка, эркиннэрэ, сыбаайалара эргэрэн, хайыта баран сууллар туруктаах таас дьиэлэри эмиэ көтүрүөхтэрэ.

Санааҕын суруй