Киир

Киир

“Өрөгөй” миитинин долгунун эрэһэтэ, аан дойдуну хаста да эргийэ көттөр, умнуллуох быһыыта суох. Миитин аан дойду, Арассыыйа улахан кыһалҕатын таарыйан, өссө өр араас таһымҥа ахтыллара чахчы.

А.Николаев бэрээдэгэ суох миграцияны сааһылыырга, олохтоох дьон үлэлээх буолуутун түстүүр уурааҕын сөптөөх диэн өйөөбүппүт. Ол эрээри наар үөннүрэр, былаас хамсаныытын ааҕа-кэтии сылдьан буоларынан-буолбатынан кириитикэлиир дьон да бу сырыыга “ыйаах — ЕАЭС састаабыгар киирэн Арассыыйа гражданнарын курдук тэҥ бырааптаммыт киргиистэри тохтоппот көрүнньүк ыйаах” диэн билиҥҥэ диэри кириитикэлэрэ тохтообот.

Кинилэри сэргэ бу ыйаахха Арассыыйаттан аһаан олорор урукку ССРС дойдуларын дьоно саба түһүтэлээн эрэллэр. Ол курдук, «Ватандош» диэн узбектар эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы тэрилтэлэрин бэрэсидьиэнэ, блогер Усман Баратов диэн киһи интэриниэтинэн СӨ салалтатын ити ыйааҕынан дэлби кириитикэлээн баран, Дьокуускайга дьонун көмүскэһэн “сиэтэлии”, кыра өрөспүүбүлүкэни “миэстэтин буллара” диэн буолуо, уолунуун кэлэ сырытта.

Баратов Ил Дарханы утары айдаарыыта мээнэҕэ буолбатах, ыраахха диэри барар дириҥ силистээх идэмэрдээх дьыала. Урукку ССРС дьадаҥы дойдулара, сүрүннээн, Арассыыйа атын харчылаах регионнарыгар дьоннорун сыл аайы ыыталлар. Бу эдэр дьон өлөрбүт харчыларынан дойдуларын, норуоттарын аһаталлар иитэллэр. Миграция онон туох да алдьархайдаах улахан, мөлүйүөнүнэн дьон, миллиардынан харчы эргийэр систиэмэтигэр кубулуйбута ыраатта. Туспа бааннаахтар, страховой, юридическай, бары өттүттэн хайыҥ охсунар тэрилтэлэрдээхтэр. Бэйэлэрэ хаһыаттаахтар, Баратов эҥин курдук Арассыыйаҕа миграннары “атаҕастыылларын” көмүскэтэр дьонноохтор.

Орто Азия дьоно биһиэхэ кэлэн үлэ, харчы хайытан, дойдуларын, дьоннорун иитэр хорук тымыр оҥостон олорбуттарын Ил Дархан кыпчыйда диэн өстүйэллэрэ чахчы. Онон Баратовы “собуоттаан” ыыппыт буолуохтарын сөп. Кини кыра омуктары национализмынан куттаатахха, бары “ньыкыс” гыналларын бэркэ билэр эбит. Саха салалтатын “национализмы күөртүүллэр” диэн буруйдаата, ытыра-ытыра тамнаата.

Хата, биһиги салалтабыт Баратов “уордаах хаһыытыттан” хаптас гыммата, салыбырыы түспэтэ. Бырабыыталыстыба таһымынан көрсүбэтилэр. СӨ киһи быраабыгар боломуочунайа С.Гурьевалыын, СӨ тас сыһыаҥҥа миниистирин 1 солбуйааччы В.Васильевтыын көрсөн “тыынын” таһаарда. Биһиги да дьоммут дьоһуннаахтык, түһэн биэрбэт гына кэпсэппиттэр.

Gur

Киһи күлүөх, ити биһигиннээҕэр улахан омуктар Саха сиригэр национализм күөдьүйбүт диэн буруйдаан, федеральнай киининэн Николаевы баалкылатаары соруналлар курдук. 1937 с. Саха сиригэр национализм суоҕа, олоҕо суох буруйунан норуот үтүө дьоно эрэпириэссийэлэммиттэрэ диэн Б.Ельцин ыйааҕын М.Е. Николаев таһаартаран турарын билэ да сатаабаттар быһыылаах.

Оттон биһиги омуктары абааһы көрөн буолбакка, судаарыстыба сокуоннарыгар тирэҕирэн, сиэрдээх бэрээдэги олохтоон, сиэрэ суох бараары гыммыт миграцияны үүннүү-тэһииннии сатыыбыт.

Саха сирэ кыһалҕата суоҕа, харчытын ханна гынара суоҕа буоллар, миграннары иитиэ эбитэ буолуо. Ол эрээри үппүт ыгым, бэйэбит ыччаппыт сарсыҥҥытыгар эрэллээх буолар үлэтэ суох. Арассыыйа бырабыыталыстыбатын уоргана "Российская газета" 2019.03.11 нүөмэригэр суруллубутунан, Саха сирин 20-24 саастаах ыччата, нууччалыын-сахалыын, 73,8%-нара үлэтэ суох. Мантан аҕа саастаах ыччат, сааһыра барбыт дьон ортотугар үлэтэ суох эмиэ элбэх.

Улуустарга үлэтэ суох дьону үлэлээх курдук “самозанятай” диэн суруйаллар. Бу — дьоммут элбэҕэ бэрдин иһин буолуо, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы А.Дьячковскай, федеральнай былаас эппэтэҕин үрдүнэн Саха сирин “самозанятайдары” нолуоктуур эспэримиэҥҥэ киллэриҥ диэн сиэргэ баппаттыы тылласта. Ону Госдуума дьокутаата Ф.Тумусовтан саҕалаан норуот барыта үлтү кириитикэлээтэ.

Үп-харчы өссө кырыымчыгыран, ыам ыйыгар 10-ча тыһыынча киһи сарбыллан, эбии үлэтэ суох хаалаары турар. Министиэристибэ тойотторо ити үксэ “ыстаапка аҥаара, чиэппэрэ хамнастаах үлэһиттэр сотуллаллар” диэн суолта уурбаттыы этэллэр. Оттон дьиҥнээҕинэн, тыаҕа ити бытарыйбыт ыстаапкалартан сап курдук хатыллан, үгүс киһи иитиллэн олорор. Бу дьоммут, ыччаппыт үлэтэ суох хааллахтарына, хантан үлэ булан биэрэбит, оҕолорун хайдах иитэллэр?

Онон “аска айах аҕыйаҕа үчүгэй” диэн урут оонньуу-күлүү курдук этэрбит олох тыйыс кырдьыга буолла. Атын дьону иитэн абырыыр ордук харчыбыт суох. Онон миграннар мээнэ киирэн үлэбит ырыынагын былдьыылларын утарабыт, өрөспүүбүлүкэ харчыта бэйэбит оҕолорбутун иитэргэ наада. Эппитим курдук, үлэ, харчы былдьаһан, биһигиннээҕэр быдан элбэх омуктары кытта күрэстэһэн, үлэбит ырыынагын, экэниэмикэбитин туруулаһан эрэбит. Итиннэ былаас уонна норуот биир халбаҥнаабат санаалаах, сомоҕо буолуон наада. Кыайан көмүскэммэтэхпитинэ, биһигини өр гыммакка суох гынан, атын итэҕэллээх дьонунан солбуйуохтарын сөп. Ол туһугар Баратов курдуктар өссө элбэхтэ сыбыытыахтара. Арба, кини сырыытын кэннэ, бэл, диэтэр “кыыһы күүһүлээһин буолбута дуо” диэн мигрант буруйу оҥоруутун сымыйаргыыр, соруйан бутуйар информацияны утары күөттээһин тахсыах курдук.

Тоҕо итиннигий диэтэххэ, Саха сирин курдук байылыат сиргэ тоҕо ити кыра омук “бөө” диэн олоруохтааҕый диэн ымсыырааччы, сөбүлээбэт аҕыйаҕа суох. Сатаан көмүскэммэтэхпитинэ, били, былыр биир ойуун өксөкү кыыл буолан көтөн кэлэн, Ытык Хайа үрдүттэн куорат инникитин көрүүлэнэн баран “саха сирэйдээҕи көрбөтүм” диэбитэ кырдьыкка кубулуйуон сөп буолбатах дуо?

Владимир Степанов.

Санааҕын суруй