Киир

Киир

Билигин Мииринэйтэн Бүлүү улуустарыгар айанныыр күчүмэҕэйМииринэй оройуонун Оччугуй Ботуобуйа үрэх хаайан, хаһан сырыы олохтоноро биллибэт.

Кириэстээх сэлиэнньэтин аннынан икки паром өрүскэ киирэ илик, Өрөмүөннэнэ тураллар. Даҕатан эттэххэ, Кириэстээхтэн Бүлүү өрүһү туоратар паром сырыыта, Оччугуй Ботуобуйаттан быһаччы тутулуктаах. Оччугуй Ботуобуйа үрэх хара тыатыттан тилэри уу. Өссө үрэх баһыгар, систэргэ муус ууллан “хара уута” киириэҕэ. “Бүлүү” федеральнай суол салалтата биллэрбитинэн, Оччугуй Ботуобуйаҕа понтуон бэс ыйын 10 күнүгэр түһэриллэрэ былааннанар. Мин билэрбинэн саамай эрдэлээбитэ – ыам ыйын 22 күнүгэр Оччугуй Ботуобуйа понтуоннанан турар. Саамай хойутаабыта – бэс ыйын 8 күнүгэр понтуон түhэрбиттэрэ. Ону чуолкайдаан МУАД-тан токкоолоһор туһата суох. Сиэрэ суох куруубайдар, тоҥкурууннар, төлөппүөнү быраҕан кэбиһэллэр. Элбэхтик эрэйдээн, кэлэтэн тураллар.

kireicteexxe

Хаhан Оччугуй Ботуобуйа үрэххэ күргэ тутан быыһыыллар?! Тиэхиньикэ Мииринэйтэн кэлбэт буолла да Кириэстээх парома эмиэ үлэлээбэт. Оттон атын туhаайыыга Сунтаартан Устьелыыр үстэн биир паром үлэлээри бэлэмнэнэр.

kyrgetytyllaranaada

Бэҕэһээ, ыам ыйын 16 күнүгэр “Сунтаарцеолит” тэрилтэ “СПЖ-120” парома тургутар бастакы сырыыны оҥордо. Онон, Сунтаар уонна Элгээйи диэки нэһилиэктэр икки ардыларыгар айан сөргүтүллээри турар. Онуоха-маныаха диэри быйыл сунтаардары “ХИВУС” суудуна, Бүлүү өрүһү туоратан дьону улаханнык абыраата. Күндээдэ, Дьаархан уонна Үөһээ-Бүлүү паромнарын бигэ кыраапыктаах үлэлэрин күүтэбит. Халаан кэмигэр маннык бэрдэ суохтук, Бүлүү умнаhын дьоно айанныыллар. Ити курдук, барыта күүтүү.

sssrsparoma

Саатар паромнары уларытарга ким да бачыым киллэрбэт. “Бүлүү” федеральнай суолугар биэс паром үлэлиир. Бары ааспыт үйэ эргэ-урба тиэхиньикэлэрэ. Манна салайааччылартан уонна дьокутааттартан ким эмит болҕомтону уурара буоллар.

Станислав Алексеев, Мииринэй куората.

 

Санааҕын суруй