Киир

Киир

Ньурба улууһугар Дьаархан сэлиэнньэтин сэргэ “Сибмост тэрилтэ күүһүнэн, Марха өрүһү туоруур күргэ тутуллар. Маннык үрдүк суолталаах эбийиэги дьэндэтии, буһуруктаах түһүмэххэ тахсыбыта эрэҥкэдитэр.

Соторутааҕыта күргэ систэрин уҥа өттүн арыттарын, тимир тиһиликтэринэн саба бүрүйдүлэр. Ол аата орто уонна хаҥас өрүт тиһиликтэрин таҥыы, күргэ тутуутун эппиэттээх кэрдииһэ буолаары турар.

650 миэтэрэ усталаах күргэ мантан антах биир күдьүс тэтиминэн тутуллара буоллар, күүһүн ылыа эбиттэр. Манна эбиитин икки оччугуй үрүйэлэри туоруур 33 уонна 50 миэтэрэ усталаах күргэлэр тутуллуохтаахтар. Тутуу матырыйааллара субу буола турар навигациянан, толору кэлэрин күүтэллэр. Саамай кутталлааҕа диэн, үбүлээһин быстарыктаатаҕына күргэ тутуута бытаарыан сөп. Марха өрүс хаҥас кытылыгар диэри Маар диэкиттэн икки биэрэстэ усталаах сыһыары аспаал суола тутуллуохтааҕын эмиэ чуолаан бэлиэтиэххэ наада. Бу барыта суол-иис чааһыгар улахан сэргэхсийии буолуо диэн дьэҥкэ эрэли yөскэтэр. Түүкээни уонна Үөһээ-Бүлүү аннынан Бүлүү Эбэ Хотуну туорааһын хаалар.

Онон, Ньурбаттан Дьокуускайга барыыга айан суол балай эмэ чэпчиир. “Бүлүү” федеральнай суол былаһын тухары өрүһү туорааhын элбэх. Эбэни туоратар паромнар олус эргэлэр-урбалар, кыараҕастар. Аата-ахса суох тиэхиньикэни сулбу-халбы туоратар кыахтара суох. Дэлэҕэ Yөhээ-Бyлyy паромуттан Мииринэйгэ диэри бородуукта тиэммит “КАМАЗ” халтырыйан дириҥ ууга түhүө дуо?! Хата, дьолго киhи былдьамматаҕа. Саҥа, быдан киэҥ паромнар, катердар, буксирдар наадалар. Оттон Бүлүү өрүһү Кириэстээх, Сунтаар, Күндээдэ, Үөһээ-Бүлүү анныларынан туоратар күргэлэр тутуллаллара буоллар хайдахтаах курдук дьол буолуо этэй?! Бүлүү сүнньүгэр билигин да 100 тыh киhи олорор эбээт. Бүлүү өрүһү туоруур күргэлэри тутууну биэс улуус туруорсаллара эрэйиллэр!

kadrovaimostamarxa

IMG 20190516 WA0001

Станислав Алексеев, Мииринэй куората. “А-331 Бүлүү” федеральнай суол салалтатын саайтыттан туһаныллыбыт хаартыскаларга Марха өрүс көстөр.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар