Киир

Киир

Учуокка оҕо сынньанар 661 эбийиэгэ ылылынна. Бу сайыҥҥы лааҕырдар, былаһааккалар, куорат таһынааҕы уонна да атын сынньанар сирдэр. Билиҥҥи туругунан 254 эбийиэк бэрэбиэркэлэннэ.

Бэрэбиэркэ түмүгүнэн баһаартан сэрэхтээх буолуу ирдэбиллэрин 228 кэһии булулунна. Оҕо сынньанар 35 эбийиэгэр баһаартан сэрэхтээх буолуу ирдэбиллэрин кэһии баар. Ону сезон саҕаланыар диэри туоратар былааннанар”, – диэн ыксаллаах быһыы-майгы Саха сиринээҕи салаатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Сүрүн кэһиилэр: баһаар сигналын систиэмэтэ алдьаныыта, эвакуациялааһын, уоту умуорар тэрил суоҕа уо.д.а.

Ону таһынан, сайын устата оҕолор сынньанар лааҕырдарыгар баһаар кэмигэр эвакуацияҕа үөрэниэхтэрэ. Оҕолорго уонна үлэһиттэргэ баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылаларын, ыксаллаах быһыыга-майгыга тугу гынар туһунан өссө төгүл санатыахтара”, – диэн биэдэмистибэҕэ бэлиэтээтилэр.

News.Ykt.Ru

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар