Киир

Киир

Саха сиригэр 2014 сылтан саҕалаан оҕо төрөөһүнэ 22 % аҕыйаабыт. Чуолаан, бастакы уонна иккис оҕо. Ол гынан баран, үһүс уонна онтон кэлэр оҕо төрөөһүнэ халбаҥнаабат, биир тэҥ турар. Ону судургутук саҥа ыал буолбут, эдэр дьон оҕоломмот, саас ортолоох, номнуо икки-үс, онтон да элбэх оҕолоох эрэ ыаллар эбии оҕолоноллор диэн өйдүөххэ сөп. Ол туһунан “Демография” национальнай бырайыагы дьүүллэһэр мунньахха СӨ үлэҕэ миниистирэ Елена Волкова иһитиннэрдэ.

Миниистир бэлиэтээбитинэн, төһө да оҕо төрөөһүнэ аҕыйаабытын иһин, төрөөһүн билигин даҕаны өлүүнү куоһарар, дьон үйэтэ уһуур, онон ахсааммыт хаҥыыр. Арай, кэлин оҕо төрөөбөт буолбута долгутар. Холобур, быйыл тохсунньуттан саҕалаан ыам ыйыгар диэри былырыыҥҥыттан 5 %-нан аҕыйах киһи күн сирин көрбүт – 5159 оҕо.

“Өйөбүл баар буолан үһүс эбэтэр онтон кэлэр оҕотун төрүүр ыал элбэх. Ити да гыннар төрүүр кыахтаах дьахтар ахсаана 13 %-нан аҕыйаата (17 тыһ. дьахтар). Саха сиригэр уонна бүттүүн Арассыыйаҕа төрөөһүн аҕыйаабытын онон быһаарыахха сөп”, -- диэн хотун Волкова быһаарда. Бэлиэтээн эттэххэ, “төрүүр уонна 9 ый устата доруобай оҕону сүрэҕин анныгар илдьэ сылдьар кыахтаах” диэҥҥэ 15-тэн 49-гар диэри саастаах дьахталлар киирсэллэр.

Санаттахха, 2019 с. “Демография” национальнай бырайыак эрэгийиэннээҕи бырайыактарын олоххо киллэрэргэ федеральнай бүддьүөттэн 2,35, өрөспүүбүлүкэ киэниттэн – 1,27 млрд солк. көрүллүөхтээх.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар