Киир

Киир

Ил Түмэн уочараттаах сессиятыгар элбэх оҕолоох ыаллар балаһыанньаларын туһунан сокуону ылыннылар. Бу туһунан парламент пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Билигин элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн аатын күнүскү үөрэххэ үөрэнэр эбэтэр байыаннай сулууспаҕа сылдьар, 23 саастарын ситэ илик үс эбэтэр үстэн элбэх оҕолоох ыаллар ылаллар. Урут оҕолор саастара 18 диэри диэн этэ.

Араас көмөнү туһанааччылар ахсааннара элбии турар. Холобур, оҕо оскуолаҕа кэтэр таҥаһын ыларга бэриллэр төлөбүр, оскуолаҕа аһыыр аһын хааччыйыы, 6 диэри саастаах оҕолору эминэн хааччыйыы, тыйаатырдарга, мусуойдарга, успуорт эбийиэктэригэр босхо сылдьыы, элбэх оҕолоох ыал дастабырыанньатын, түөскэ анньыллар бэлиэни биэрии”, – диэн пресс-сулууспаҕа бэлиэтииллэр.

Быһа холоон суоттааһынынан бу сокуону олоххо киллэриигэ сыл аайы 85 мөл солк наада буолар. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх оҕолоох ыаллары өйүүргэ сыл аайы 7,1 млрд солк көрүллэр диэн иһитиннэриигэ суруллар.

 News.Ykt.Ru

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар