Киир

Киир

2019 сыл бастакы кыбартаалын түмүгүнэн, былырыыҥҥыга холоотоххо, Арассыыйаҕа үлэлиир кыахтаах (үлэлии сылдьар эбэтэр үлэ көрдүүр) дьон ахсаана 0,8 мөл. киһинэн аҕыйаабыт. Холобур, былырыын, ол эбэтэр 2018 сыл устата бу көрдөрүү 0,1 мөлүйүөнүнэн эрэ көҕүрээбитэ.

Биллэрин курдук, билигин Арассыыйаҕа үлэлиир киһи ахсаана -- 75 мөл. Ол эрээри үлэһит илии ахсаана ити курдук эмискэ көҥү түһэн аччаабыта улахан сонун буолбатах. Дойдуга демография туруга мөлтөх буолан, итинник көҕүрээһин бара турбута ыраатта. 2006 сылга тэҥнээтэххэ, үлэлиир кыахтаах-саастаах дьон (эр дьоҥҥо 15-ттэн 59-гар диэри, дьахталларга – 54 гэр диэри) ахсаана 9 % түспүтэ.

Онон, хайыыр да кыах суох, кырдьаҕас дьон эмиэ үлэлээн көрөргө күһэллэбит.

Санааҕын суруй