Киир

Киир

“Левада-Киин” ыйытыга көрдөрбүтүнэн, Арассыыйа олохтоохторо “1970-1980 сыллардааҕы Сэбиэскэй Сойуус билиҥҥи Арассыыйаҕа холоотоххо быдан ордук этэ.

Ол саҕана сэбиэскэй былаас норуокка чугас, күүстээх, бигэ уонна сиэрдээх этэ” дииллэр. Ыйытыкка кыттыбыт дьон дойдубут билиҥҥи былааһын “кириминээлгэ, хоруупсуйаҕа, бүрүкүрээтийэҕэ батыллыбыт, норуоттан ыраах, туора уонна атын” диэн сыаналаабыттар.

2018 сыл ахсынньытыгар Арассыыйа олохтооҕун 3 гыммыт 2-тэ Сэбиэскэй Сойуус ыһыллыбытыттан хомойорун биллэрбитэ. Ол эрээри, кэнники 10 сыл устата онтон хомойор дьон ахсаана 61 %-ны куоһара илик. 2000 с. бу көрдөрүү 75 %-ҥа тэҥнэһэрэ.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар