Киир

Киир

Арассыыйа Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтэ былырыын уойуу ордук бэлиэтэммит сиринэн Курган уобалаһа, оттон саамай аҕыйахта уойуу бэлиэтэммит эрэгийиэнинэн Саха сирэ буолар диэн эттэ.

“100 тыһ. нэһилиэнньэҕэ уойуу (аан бастакытын бигэргэммит диагноз) тарҕаныыта маннык: Курган уобалаһыгар – 935,1, Алтайскай кыраайга – 867,1, Ульяновскай уобаласка – 849,7” , — диэн министиэристибэ таһаарбыт хомуурунньугар суруллар.

Оттон уойуу ордук сэдэхтик Саха сиригэр, Приморьеҕа уонна Белгород уобалаһыгар бэлиэтэнэр.

Уопсайа дойду үрдүнэн уойууттан 2 мөл. киһи эрэйдэнэр, олортон 430 тыһ. киһиэхэ “уойуу” диагноһы былырыын аан бастаан туруорбуттар.

Санааҕын суруй