Киир

Киир

Сунтаар улууһугар Тэҥкэ нэһилиэгиттэн улуус киинигэр диэри тыргыллар суол туруга быстар мөлтөх, суоппардар олус эрэйдэнэллэр. Суол 90 биэрэстэ усталаах.

Бордоҥнор, хаданнар, илимниирдэр, тэҥкэлэр, муниципальнай таhымнаах, тэхиньиичэскэй өттүнэн хайа да ирдэбилгэ эппиэттээбэт суоллаах-иистээх олороллор.Сунтаар баһынааҕы, Абаҕа үрүйэтиттэн ыла, суол мөкүтэ дьэҥкэтик көстөр.Суол дьаппата, модьоҕото, көҥүрүттүүтэ олус элбэх. Бу суолга, тыhыынчанан куб буор кутуллар, грейдерынан дэхсилэнэр түгэнигэр эрэ арый ама буолуо этэ.Улахан ардахтар кэннилэриттэн күҥкүстэр тоҕута сүүрбүт сирдэрэ боhойуллан, айанныырга арыый ама буоларын олохтоохтор халтай күүппүттэрэ быданнаата.Манна, буор кутуллубатаҕа, дэхсилэммэтэҕэ ырааппыт, күргэлэр туруктара отой мөлтөх.Илимниир аннынааҕы үрэх күргэтин, эмэхсийэ аҥайбыт мастарын, бэрт үгүс үҥсүү кэнниттэн уларыталаан, син өрөмүөннээтилэр.Оттон Бордоҥ уонна Тэҥкэ икки ардыларыгар, Нээлбиктэ күөлүттэн тахсар үрэх сиэнин күргэтэ, букатын көөрөттөн, тиэхиньикэҕэ улахан кутталламмыт.Чугас оттуур дьон, улахан кыһалҕаттан абырахтаан, өрөмүөннээн эрэ, күргэ барбах, сап саҕаттан иҥнэн турар.Кур Оттоох үрэҕэ, Нээлбиктэҕэ элбэх ууну киллэрдэҕинэ, бу күргэ сыыһын, дохсун күрүлгэн тоҕу сотон ааһар кутталлаах.Салгыы, арҕаа диэки бардахха, Толоон, Куруҥ Балаҕан, Бэттиэмэ аттыларыгар айаны харгыстааччыны – ууну дьалбарытар тулааhын-тирэх ситэтэ суохтар.Көрүллүбэт-харайыллыбат суол энчирии, алдьана турар. Манна айанныыр массыыналар подвескалара сарымтар, көлүөһэлэрин диискэтэ хайыта барыталыыр, ходобуойдара энчириир.Тиийиэхтээх сирдэригэр тимир көлөлөр кыл тыыннарынан эрэ кэлэллэр.Ким да, ол иһин Тэҥкэ диэки барыан, хаарыан массыынатын дьоҕулуон баҕарбат.

Тэҥкэ, дьиҥинэн, дьикти кэрэ айылҕалаах, байылыат дойду, куһаҕан суолун содулугар кураанахсыйда. Сунтаар улууһун салалтата, нэһилиэктэр маны болҕомтоҕо ылаллара уолдьаста. Тыа сирин таба туhаайыытын буларыгар, айан суола эппиэттиир буолара наада. Өрөспүүбүлүкэ киинэ, Сунтаар кырыыба сирэ, ирдэбилгэ эппиэттир суоллаах буоларыгар кыhаммат эбит.

Ону, улуус уонна нэһилиэктэр дьаһалталара, дьокутааттара туруорсуохтаах, ситиhиэхтээх тустаахтар.Манан сиэттэрэн, “Сунтаар-Илимниир-Бордоҥ-Тэҥкэ” 90 биэрэстэ усталаах айан суола уурайан эрэрин, манна туох чопчу миэрэ ылыллыахтааҕын, улуус мунньаҕар анал бэбиэскэ чэрчитинэн көрөллөрө уолдьаста.

Станислав Алексеев. Мииринэй-Сунтаар.

 

 

 

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар