Киир

Киир

СӨ тутуу министиэристибэтэ бу сылга хас да социальнай эбийиэктэри үлэҕэ киллэриигэ үлэ ыытар. Ол курдук, 18 эбийиэк тутуута түмүктэнэрэ былааннанар. Бу туһунан министиэристибэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

“2012-2019 сс СӨ үөрэхтээһини сайыннарыы” судаарыстыбаннай бырагыраамманан биэс үөрэх тэрилтэтэ үлэҕэ киирэрэ былааннанар. Ол курдук, Амма улууһун Бөтүҥ нэһилиэгэр 220 миэстэлээх оскуола, Булуҥ улууһун Күһүр нэһилиэгэр 220 миэстэлээх, интернаттаах оскуола, Үөһээ Бүлүү улууһугар 100 миэстэлээх интернат, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Петровка нэһилиэгэр 220 миэстэлээх оскуола уонна Өймөкөөн улууһун Томторугар 220 миэстэлээх оскуола.

Ону таһынан, Хаҥалас улууһун Покровскайыгар 240 миэстэлээх уһуйаан, Томпо улууһун Тополинайыгар 75 миэстэлээх уһуйаан, Намҥа 98 миэстэлээх уһуйаан, Таатта улууһун Ытык-Күөлүгэр 98 миэстэлээх уһуйаан, Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэр 98 миэстэлээх уһуйаан, Үөһээ Бүлүү улууһун Хоротугар 75 миэстэлээх уһуйаан, Чурапчыга 98 миэстэлээх уһуйаан, Чурапчы улууһун Төлөй-Дириҥэр 75 миэстэлээх уһуйаан, Дьокуускай куорат 203-с түөлбэтигэр 83 миэстэлээх дьааһыла-уһуйаан, Халтурина уулусса 22/2 дьиэтигэр дьааһыла-уһуйааны арыйыы, 203-с түөлбэҕэ оҕо айар үлэтин киинэ, 240 миэстэлээх уһуйаан.

Ону тэҥэ, оҕону сайыннарар өссө икки эбийиэк үлэҕэ киирэрэ күүтүллэр. Ол курдук, Жатайга бассейн уонна Ньурба улууһун Антоновкатыгар успуорт саалата.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар