Киир

Киир

“Россия ийэлэрэ” уопсастыбаннай хамсааһын Амматааҕы салаата  Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө “Сылаас үтүлүк” акцияны саҕалаатылар.

Ф. Потапов аатынан култуура киинигэр бэртээхэй тэрээһин ыытылынна. Ол курдук Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө “Россия ийэлэрэ” уопсастыбаннай хамсааһын Амматааҕы салаатын чилиэннэрэ “Сылаас үтүлүк” акцияны биллэрэн саҕалаатылар. “Акция кэмигэр хомуллубут үтүлүктэр улууска олорор элбэх оҕолоох ыалларга уонна аҥардас аҕалар оҕолоругар тириэрдиллиэхтэрэ. Ону сэргэ бэтэрээн ийэлэргэ эмиэ бэлэх быһыытынан ууннубут. Бу күн биһиэхэ элбэх киһи кэлэн кыттыста. Биирдиилээн чааһынай дьон, урбаанньыт Людмила Куприянова, автоледилар, биһиги хамсааһыммыт чилиэннэрэ уонна да атыттар бука бары илиилэрин сылааһынан угуттаммыт үтүлүктэри анал дьааһыкка аҕалан уктулар. Маннык акция нэһилиэктэринэн эмиэ ыытыллар”, – диэн кэпсээтэ “Россия ийэлэрэ” хамсааһын улуустааҕы салаатын салайааччыта Оксана Архипова.

 

“Амма олоҕо” хаһыат, ulus.media/

 

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар