Киир

Киир

Мииринэйдээҕи тэхиньиичэскэй кэллиэс ньиэп уонна энэргиэтикэ салаатыгар үөрэнэр устудьуоннара Татарстаҥҥа эбии үөрэҕи бардылар. Бу туһунан кэллиэс пресс-сулууспата “Мирнинский рабочий” хаһыат нөҥүө иһитиннэрэр.

Аҕыйах сылтан бэттэх Мииринэйдээҕи тэхиньиичэскэй кэллиэскэ ньиэп уонна гаас хостооһун оператора, химийэ анаалыһын лаборана, уот күүрүүтүн тэриэбэтин электромонтера идэлэригэр уһуйаллар. Маны сэргэ кинилэр Татарстан курдук сайдыылаах дойдуга эбии үөрэҕи бараллар. Маннык идэлээх ыччат энэргиэтикэ, алмаас, ньиэп-гаас тэрилтэлэригэр үлэҕэ киирэллэрэ дөбөҥ. Кинилэр шахталарга, карьердарга, ньиэп хостооһунугар, гаас утумнарыгар үлэлии киирэргэ атыттартан ордук балаһыанньалаахтар.
Үүммүт 2020 сылга кэллиэс устудьуоннарын бөлөҕө эмиэ Татарстаҥҥа, ньиэп уонна гаас, энэргиэтикэ идэлэригэр эбии үөрэнэ бараллара былааннанар. Даҕатан эттэххэ, Мииринэй уонна Ленскэй оройуоннарыгар үлэлиир ньиэп уонна гаас тэрилтэлэрэ, олохтоох профессиональнай-тэхиньиичэскэй идэлээх ыччаты үлэҕэ ылар буолан эрэллэр.

Станислав Алексеев, Мииринэй куората.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар