Киир

Киир

Тибии, буурҕа түһэн  олунньу 9-12 күннэригэр Сангар — Сииттэ — Батамай — Булуус, Сангар — Кальвица кыһыҥҥы суол учаастактара  сабылыннылар.

Ол курдук,  Кэбээйи улууһугар Сангар — Сииттэ — Батамай — Булуус  учаастагар  0-94 км +800 м;  Сангар — Сииттэ — Батамай — Булуус учаастагар 94 км +800 м — Нам улууһугар 152 км +800 м; Аһыма (“Бүлүү” суол 217-с км — Бэс-Күөл — Кэбээйи — Сангар,  аэропорт  учаастагар диэри   215 км +940 м — Кэбээйи улууһугар 296 км +190 м.

Ыйыллыбыт учаастактарга икки өттүттэн суол бэлиэлэрэ тураллар. Билигин манна  аналлаах тиэхиньикэлэр үлэлииллэр. Синоптиктар көрдөрүүлэринэн бүгүн Кэбээйи улууһугар  сөкүүндэҕэ  18-23 м түргэннээх тыаллаах, оттон Бүлүү бөлөх улуустарыгар  сөкүүндэҕэ  13-18 м түргэннээх тыаллаах буолара күүтүллэр. 

news.ykt.ru/

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар