Кулун тутар 5 күнүттэн “АЛРОСА” авиахампаанньа Тюмень-Мииринэй хайысханан саҥа эриэйсэни көтүтүөҕэ.
Бу туһунан Тюмень “Рощино” аэропордун пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Эриэйсэ хас чэппиэр аайы оҥоһуллуоҕа. Тюмень куораттан сөмөлүөт түүн 00:30 көтүөҕэ уонна Мииринэйгэ сарсыарда 10 ч. кэлиэҕэ. Эриэйсэни Боинг-737 сөмөлүөт толорор.