Булуҥ оройуонугар Ми-8 МТВ диэн мэдиссиинэ тэрилинэн хааччыллыбыт саҥа санитарнай бөртөлүөт кэллэ.
Бөртөлүөт Булуҥ, Анаабыр, Эдьигээн, Усуйаана уонна Өлөөн оройуоннарыгар үлэлиэҕэ. Маннык бөртөлүөттэр Дьокуускайга, Ньурбаҕа, Орто Халымаҕа, Мииринэйгэ уонна Баатаҕайга номнуо үлэлииллэр.