Киир

Киир

Бүгүн, кулун тутар 25 күнүгэр, Горнай Маҕараһыгар улуус баһылыга Н.Андреев, соторутааҕыта саха ынаҕын сайыннарар сыаллаах саҥа тэриллибит “Саха сүөһүтэ” генофонднай тэрилтэ дириэктэрэ А.Артемьев 150 саха ынаҕа туруохтаах хотон уонна туристическэй комплекс тутуутун тула кэпсэттилэр.

Ил Дархан анал ыйааҕыгар саха төрүт сүөһүтүн сайыннарар, элбэтэр туһунан сорудахтаабыта. Маныаха сөптөөх үчүгэй хотон тутуллара билигин сытыытык турар. Ону туоратар сыалтан, Маҕараска Чычаас диэн учаастакка 150 төбөҕө аналлаах хотон тутуллуохтаах. Бу хотону сэргэ хотонноох балаҕан бииргэ сыстан турбут кэмин көрдөрөр туристическэй комплекс дьэндэйиэхтээх. Бу баараҕай тутуулар өрөспүүбүлүкэ 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсө үлэҕэ киирэллэрэ былааннанар. Улуус баһылыга уонна Александр Артемьев бу тутуулар турар сирдэрин көрдүлэр уонна эбийиэктэри тутууга көҥүл ыларга үлэни номнуо саҕалыырга диэн сүбэлэстилэр.

gor2

gor3

gor5

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар