Киир

Киир

Кулун тутар 25 күнүгэр дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин “Россия 24” ханаалга туһаайыытыгар, кэккэ дьаһаллары киллэрдэ.

Ол курдук хоруона вируһун саҥа инфекцията (COVID-19) тарҕаммытынан сэдиптээн, кулун тутар 28 күнүттэн муус устар 5 күнүгэр диэри өрөбүл күнүнэн биллэрдэ. Хамнас оннунан хаалыахтаах диэн эттэ. Ол эрэн, бааннар, маҕаһыыннар, мэдэссиинэ тэрилтэлэрэ, аптекалар, уопсастыбаннай тыраанспардар, былаас уорганнара үлэлииллэр.

Владимир Путин хас биирдии киһи эппиэтинэстээх уонна дьиссипилиинэлээх буоларыгар, харантыын кэмигэр дьиэтигэр олороругар тоһоҕолоон эттэ. Маннык уһун өрөбүллэр ыарыы салгыы тарҕамматын туһугар оҥоһуллар диэн бэлиэтээтэ.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар