Киир

Киир

Коронавирус киэҥник тарҕамматын туһуттан Дьокуускайга, Жатайга, Мииринэй уонна Нерюнгри улуустарыгар Ил Дархан ыйааҕынан, толору изоляция эрэһиимэ биллэриллибитэ.

Ил Дархан ыйааҕар сурулларынан, бу нэһилиэнньэлээх пуун олохтоохторо суһал мэдэссиинэ көмөтүгэр наадыйар, үлэлэригэр барар, чугастааҕы маҕаһыыҥҥа тахсар, дьиэтээҕи кыылы дьаарбатар (100 м ырааппакка) уонна дьиэ таһыгар уурунаҕа бөҕү тоҕор түгэнтэн ураты дьиэттэн быгыа суохтаахтар. Инньэ гынан, полиция эмиэ туһааннаах миэрэлэри ылар. Өскөтүн гражданин туох да сылтаҕа суох, Ил Дархан сүбэтин тутуспакка уулуссаҕа дьаарбайар түгэнигэр, полиция үлэһиттэрэ дьиэҕэ утаарарга этиэхтэрэ, оттон ону истэбэт дьоҥҥо РФ КоАП 19.4 ыст. 1 ч. (муниципальнай хонтуруолу толорор дуоһунастаах сирэй сокуоннай этиитин ылыммат буолуу) административнай боротокуол толоруллар.

Полиция үлэһиттэрэ балаһыанньаны өйдөөн ылынаргытыгар ыҥыраллар. Бэйэҕит уонна чугас дьоҥҥут доруобуйатын туһугар дьиэҕэ олоруҥ. Бу туһунан Саха сиринээҕи ИДьМ пресс-сулууспата биллэрэр.

Санааҕын суруй