Киир

Киир

Биир нэдиэлэ устата Сунтаардааҕы Сбербанк салаата үлэтин тохтотон турбута.

Оттон бэҕэһээҥҥиттэн олохтоох бассаап бөлөхтөргө “бэнидиэнньиккэ, муус устар 6 күнүгэр, баан килийиэннэргэ биир эрэ күн аанын аһар. Эбиэккэ тохтоло суох, сарсыарда 10-тан киэһэ 18 ч. эрэ дылы үлэлиибит” диэн тарҕаммыта.

Инньэ гынан, бу сарсыардаттан Сунтаардааҕы Сбербанк отделениетыгар Ленин мавзолейын санатар, ойоҕос тостор уочарата субуруйда. Дьон бары он-лайн өҥөннөн туһанар кыаҕа суох, эбиитин харчы устаары ыы-быччары муһунна. Карантин эрэ туох эрэ, “социальнай дистанция” эрэ сах, дьон кыһалҕаттан үмүөрүстэ.

Санааҕын суруй