Киир

Киир

СӨ үөрэх уонна наука министиэристибэтэ билиҥҥи муҥутуур бэлэмнээх буолуу эрэһиимигэр,  элбэх оҕолоох уонна кыаммат-түгэммэт ыаллар оҕолоругар бородуукта нобуорун биэрэр туһунан дьаһалы, муниципальнай оройуоннарга уонна куорат уокуруктарыгар биэрдэ.

Нобуорга куруппа, мокоруон, бурдук, эт кэнсиэрбэтэ, бэчиэнньэ, үүт, саахар, сакалаат, суок, сибиэһэй оҕуруот астара уонна фрукталар киирдилэр.

Оскуолалар санитарнай-эпидемиологическай ирдэбилгэ олоҕуран уонна оҕолор саастарын учуоттаан ас нобуорун бэйэлэрэ оҥоруохтара. Бу нобуору төрөппуттэр нэдиэлэҕэ биирдэ эбэтэр икки нэдиэлэҕэ биирдэ ылыахтарын сөп. Бу туһунан биэдэмистибэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

news.ykt.ru/

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар