Киир

Киир

“Куттала суох уонна хаачыстыбалаах массыына суоллара” ("БКАД") диэн Владимир Путин олохтообут национальнай бырайыагын иитинэн, быйыл Саха сиригэр 205 км массыына суола өрөмүөннэниэҕэ.

“Амма”, “Анаабыр”, “Алдан”, “Кэбээйи”, “Умнас”, “Нам” уонна “Дьааҥы” эрэгийиэннээҕи суолларга уопсайа 23 эбийиэккэ үлэ ыытыллыаҕа. Быйыл уопсайа 183,3 км эрэгийиэннээҕи суолларга өрөмүөн барыаҕа. Оттон киин куоракка 22,4 км уулусса өрөмүөннэниэҕэ. Сүрүн үлэлэр ыам ыйын бүтүүтэ саҕаланыахтара. Дьокуускайга 28 муниципальнай хантыраактан 22-гэр дуогабардаспыттар, аны хаалбытыгар аукцион ыытыллар. Дьокуускайга өрөмүөн үлэтэ ыам ыйын 15 күнүттэн саҕаланыаҕа.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар