Киир

Киир

Ыам ыйын 13 күнүгэр Сунтаар улууһун Күндээйэ, Устье уонна Элгээйи нэһилиэктэригэр  ууну ыраастыыр ыстаансыйалар үлэҕэ киирдилэр. Уу боруобатын анаалыстара үчүгэй көрдөрүүлээхтэр. Бу туһунан СӨ ОДьКХ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Ыстаансыйалар “2019-2024 сылларга Бүлүү бөлөх улуустарын уунан хааччыйыыны сайыннарыы” бырагыраамманан олоххо киирдилэр. Бу бырагыраамма чэрчитинэн Бүлүү бөлөх улуустарын 14 нэһилиэгэр ууну ыраастыыр блочнай-модульнай ыстаансыйалар туруоруллаллар. Билигин Үөһээ Бүлүү улууһун Хоро уонна Харыйалаах нэһилиэгэр, ону таһынан, Ньурба улууһун Күндээйэтигэр ууну ыраастыыр ыстаансыйалар үлэлииллэр.

Бэдэрээтчит “Инженерные сети Проект” ХЭУ. Генеральнай дириэктэр Андрей Алексеев иһитиннэрбитинэн, Сунтаар улууһун Хордоҕой, Сардаҥа уонна Кириэстээх нэһилиэктэригэр уу боруобаларын  анаалыска ыыппыттар. Сунтаар, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Мииринэй оройуоннарын нэһилиэнньэлээх пууннарыгар биэс  ыстаансыйаны  тутуу үлэтэ ыытыллар.

Санааҕын суруй