Киир

Киир

Дьиэҕэ олорон, табах дьаллыгыттан аккаастанарга – табыгастаах кэм. Ити чахчы. Ыарыыны сэрэтэр уонна табахтааһыны хонтуруоллуур федеральнай киин исписэлииһэ ФГБУ “НМИЦ ТПМ”,  Дойду доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин сүрүн исписэлииһэ , научнай үлэһитэ Вера Климович этэринэн:  Билигин Аан Дойдуга барытыгар уустук кэмнэр буоллулар. Бу хоруона хамсыга   ситэри биллэ, үөрэтиллэ илик ыарыы буолар. Дойду Бэрэсидьиэнэ  этэринэн “билигин дьэ бары биир санаанан, бэйэ бэйэбитигэр болҕомтолоохтук, эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһарбыт тоҕоостоох буолар”.

Хоруона хамсыга  “COVID-19” ыарыы утары охсуһарга Дойду Бырабыыталыстыбата араас миэрэни ылынна, ол онтон саамай сөптөөх миэрэ харантыын уонна дьон дьиэҕэ олорууну (самоизоляцияны) тутуһуута буолар. Дьиэҕэ олоруу эрэсиимин тутуһуу биир саамай сүрүн миэрэ буолар уонна бу ыарыы “COVID-19” тэнийбэтин туһугар Арассыыйа хас да эрэгийиэнигэр  маннык миэрэ ылыллан турар. “Дьиэҕэ олоруҥ” диэн ыҥырыы араас идэлээх исписэлиистэртэн,   дьоҥҥо көмөлөһөн, дьиэҕэ олорон бириэмэни туһалаахтык атаарарга, сүбэлэри биэрэллэр.   Мин табахтыыр дьоҥҥо, бу дьаллыктан аккаастаныан баҕарар буоллаххытына, бу курдук этии киллэриэхпин баҕарабын – маннык буолбут түгэни тускар туһаныаххын – табах дьаллыгыттан аккаастаныаххын сөп. Биллэн турар, табахтыыр уонна электроннай табаҕы тардар киһи хоруона хамсыгар  түргэнник ылларар уонна бу ыарыы доруобуйаҕа содула улахан кутталы үөскэтэр. Бары бэркэ диэн билэргит буолуо, табаҕы быраҕарга табахтааһыны угуйар түгэннэртэн куотунар ордук: ол курдук, табаҕы тардар дьонтон  туора сылдьыҥ, табахтааһыны куоһурар  үлэни, миэстэни, дьону куотуна сатааҥ.  Ол гынан баран, көннөрү олохпут эрэсиимигэр  итини тутуһарга уустуктардаах буолар. Онтон дьиэҕэ олорор усулуобуйаҕа, чопчу билиҥҥи түгэҥҥэ ол курдук олоххун уларытыы кыаллыан сөп, дьаллыгы уһуйар сабыдыалы куоһарыахха сөп. Ол таһынан, этиллэрин курдук, табахтан аккаастанарга күннээҕи эрэсиими тутуһар улахан суолталаах. Сөбүгэр соҕус хамсаныы, тохтоон кэмигэр сынньалаҥнаах, бэйэ күҥҥүн стреһэ суохтук, ньиэрбэҕин бараабакка, ыксаллаах быһыыта-майгыта суох, суунан-тараанан, туһалаах аһы аһаан – маннык күннээҕи эрэсиими сөпкө тутуһан, табаҕы утары охсуһарга улахан суолталаах буолар. Ол эрэн, сөптөөх эрэсиими олох күннээҕи түбүгэр тутуһар кыахтаах төһө элбэх киһи баара буолуой? Чопчу билиҥҥи кэмҥэ – дьиэҕэ олорон, күннээҕи эрэсиими сөптөөхтүк уонна туһалаахтык атаарарга, үлэлии эбэтэр атын сиргэ сылдьыахтааҕар, быдан чэпчэки. 

Оттон табахтааһынтан аккаастаныы дьыалатыгар социальнай өйөбүл төһө улахан оруоллааҕый? Мээнэҕэ буолбатах үгүс быраас этэринэн табах тардааччы чугас дьоно табахтан аккаастанар сөптөөх быһаарыныытын тутуһарга күүс-көмө буолан өйөөн, киниэхэ бу күүстээх быһаарыныытын сыалын ситэрэргэ көмөлөһүн диэн ыҥыраллар. Дьиэҕэ олорон, чугас дьоҥҥун кытта, кинилэр өйөбүллэринэн бу кыһалҕаны бииргэ ааһыахха сөп. Хас табахтаары гыннаҕын аайы, эн чугас дьонуҥ эйигин аралдьытыах, куһаҕан дьаллыктан аккаастанаргар төһүү күүс буолуох тустаахтар! Эбиитин дьиэҕэ олордоххо тас өттүттэн табаххын быраҕар дьоруойдуу быһыыгын-майгыгын ким да мэһэйдэһиэ, таҥнары тардыа суоҕа.   Маныаха эттэххэ, чугас дьонуҥ – оҕолоруҥ, төрөппүттэрин доруобуйаларын туһугар, кинилэри табах буортулаах буруотуттан, пассивнай табахтааһынтан харыстыыр эбии тустаах биричиинэ буолар, хардыы хардыынан табахтан аккаастанар сөптөөх суолгар баран иһэҕин.    Ол курдук, билигин харантыын кэмигэр доруобуйаны тупсаран табахтан аккаастанарга саамай табыгастаах кэм, бу түгэни мүччү туппакка тускутугар туһаныҥ – куһаҕан дьаллыктан аккаастаныҥ! Харантыыҥҥа хаайтаран олоробут дии санаабаккаа, бары күүстээх санаабытын-онообутун ууран туран баар суох сырдык-кэрэ олохпутун буортулуур куһаҕан дьаҥ дьаллык утары охсуһуоҕуҥ, доруобуйабытын алдьаттарымыаҕыҥ!  Бары биир сомоҕо санаанан бу уустук кэмнэри тус бэйэбитигэр, дьоммутугар доруобуйаҕа туһалаахтык ааһыаҕыҥ! Дьоллоох доруобай буолуҥ, табахтан аккаастаныҥ!  

Ыстатыйаны бэлэмнээтэ Вера Климович, ыарыыны сэрэтэр уонна табахтааһыны хонтуруоллуур федеральнай киин сүрүн исписэлииһэ ФГБУ “НМИЦ ТПМ”. Сахалыы тылбаас СӨ ыарыыны сэрэтэр мэдэссиинэ  киинэ.  

minzdrav.sakha.gov.ru/

Санааҕын суруй