Киир

Киир

Арассыыйаҕа 4 үлэ күннээх нэдиэлэ тосхойдо. Бэс ыйын 8-11 күннэригэр үлэ күнэ, онтон кэлэр үс күн – өрөбүллэр. Ити – Арассыыйа күнэ бээтиниссэҕэ түбэһириттэн сылтаан.

Роструд бэс ыйын 8-11 күннэригэр үлэ күнэ, оттон бырааһынньык иннинээҕи бэс ыйын 11 күнүгэр үлэ кэмэ биир чааһынан аччыырын санатар.

Маны таһынан, Кыайыы парада бэс ыйын 24 күнүгэр ыытылларынан, бэрэсдьиэн Путин ыйааҕынан, бу күн эмиэ өрөбүлүнэн биллэриллибит. Маныаха хамнас төлөнүөхтээх. Бэс ыйын 23 күнэ – бырааһынньык иннинээҕи күнүнэн ааҕыллыбат, онон бу күн толору үлэ күнэ.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар