Киир

Киир

Хоруона хамсыга саҥа саҕаланарын кытта киһи эрэ барыта “кир-хох, “антисанитария” быыһыгар олохтоох, эмэ-томо суох, сайдыбатах мэдиссиинэлээх Африка дойдулара, дьэ, кэһэйэллэрэ буолуо” диэн сылыктаабыта.

Ол эрээри, бу дьон сыыспыттар. “Африка бу хамсыктан өссө тупсан, кииллийэн тахсар чинчилээх” дииллэр. Тоҕо диэтэххэ, Африка дьадаҥы дойдулара экэниэмикэ, туризм, үөрэх, култуура эйгэтигэр аан дойду глобальнай сайдыытын кытта ситимнэрэ-сибээстэрэ олус кыра. Онон хамсык кинилэр экэниэмикэлэригэр дьайыыта букаын да нуулга тэҥнээх. Итини таһынан, хоруона вируһуттан сүрүннээн кырдьаҕас дьон эмсэҕэлиир буоллахтарына, 2015 с. дааннайынан, Африка континеныгар 60 саастарын ааспыт дьон баара-суоҕа 5,4 %-ны эрэ ылаллар. Онон, “баҕарбытыҥ да иһин” онно вируска хотторор кырдьаҕас-кыаммат дьону булбаккын, бары эдэрдэр, доруобайдар. Эбиитин, Африкаҕа дьон үксэ ыарыы дэбигис тиийбэт ыраах тыа сиригэр олороллор. Онно субу-субу араас сыстыганнаах ыарыылар (эбола, менингит, титириир, кумахы ыарыы араас көрүҥнэрэ) көбөн кэлэр буоланнар, дьон ыарыыны улахан иэдээнинэн аахпат, хайдах онно хаптарбат ньыматын билэр.

Итиннэ эбии, хоруона хамсыгын кэмигэр Африка уонна Кытай доҕордоһуулара олус улааппытын, бөҕөргөөбүтүн суруйаллар. Ол түмүгэр, Африка дойдуларын ВВПта бытааннык гынан баран эрэллээхтик улаата, Кытайтан тутулуга күн-түүн күүһүрэ турар.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар