Киир

Киир

Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн ыытыллыбыт “Бастыҥ, тупсаҕай миэстэ” диэн күрэххэ Мииринэй куората Иирэлээх үрэххэ сынньалаҥ сирин тэрийии бырайыагынан кыттыбыта.

Ити иннигэр, 2018 сыллаахха онлайн куоластааһын ньыматынан ыытыллан, бырайыак Мииринэй куоратыгар кыайан турар.Биллэн турар, чугас сөтүөлүүр, сынньанар сир баар буоларыгар мииринэйдэр олус баҕараллар.Аны ол бырайыактара сатанан, Иирэлээххэ сынньалаҥ сирин тэрийии бастакы түһүмэҕэ оҥоһулунна. Үрэх кытыытын мастарын кэртэрдилэр. Онтон ханнык баҕарар үрэх тулатыгар оттоох-мастаах буоллаҕына сатанар эбээт.Мииринэй куоратыгар балачча өр олорбут киһи санаабар, бу – сыысхаллаах, баһымах быһаарыныы.Бэйэтэ кып-кыра үрэҕи, түөрт уон тыһыынчаҕа чугаһыыр нэһилиэнньэлээх куорат шашлыыктыыр, сынньанар, сөтүөлүүр сир оҥоһуннаҕына кэнэҕэскитин хайдах буолар?Санатан эттэххэ, Иирэлээх – толору уулаах үрэх буолбатах. Устата, баара суоҕа, сүүсчэкэ эрэ биэрэстэлээх үрэх.Мииринэйтэн үөһээ, баһын диэки – от үрэх. Эйимнэрдээх, сиэннэрдээх, сиикээннэринэн быста-быста салҕанан сүүрдэр.Ол халыһытан кэлэн, куорат аттыгар, Мииринэй гидроузела эбэтэр ууну хаайар сир күөлэ буолар.Онтон үрэх Мииринэй аттынан эйимҥэ кубулуйар сиригэр иһэр ууну ылар ыстаансыйаны 2013 сыллаахха туппуттара.

Пляж ол ыстаансыйаны уун-утары оҥоһуллуохтаах.Оттон иһэр уубутун ылар үрэхпит ардыгар харбыччы уолан хаалааччы. Сууккаҕа сүүрбэ биэс тыһыынча кууб ууну Мииринэ бу үрэхтэн хачайдыыр.Уу саппааһа дэлэйэ суох. Хаартан, ардахтан эрэ ууланар.Ону дьөрү аахсыбакка Иирэлээх үрэҕин дьон айбардыыр, сөтүөлүүр сирэ оҥорон эрэллэриттэн хараастаҕын эрэ.Дьон күннээҕинэн эрэ “бүгүн эрэ миэхэ үчүгэй тосхойдун, кэннэ кээнчэ да буоллун” диэн санаанан салайтараллар эбит.

Станислав Алексеев. Мииринэй куората.

Ааптар хаартыскатыгар Иирэлээх үрэҕэ Мииринэй аннынан.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар